Эн баҕас! Валерий Бороҥ+
© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2020
© Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ, 2020
Оҕо дьолугар
Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр.
Туора Күөл илин баһыгар арыылаан абына-табына үүммүт тэтиҥнэр быыстарыгар эдэрчи эр киһи уонна дьахтар имэҥнээх тапталтан тугу барытын умнан өрүтэ уһуутуур, ыгыллар-ыгыстар, ынчык аҥаардаах үөһэ-аллара тыынар саҥаларын тыала суох уу чуумпу нуһараҥ киэһэ тэтиҥнэр, туора дьонтон кистиирдии, суугунаан сэбирдэхтэрин тэлибирэттилэр. Уолан киһи уохтаах тапталыттан астыммыт дьахтар тыын быһаҕаһа тыынан томтоҕор түөһэ эппэҥнээн, уҥа-таала солко курдук намылыйа налыйан, хойуу от быыһыгар толору дьолунан дуоһуйа туолан сытта…
Борускуо сааһа отут биэһэ. Көрүҥүнэн, быһыытынан-таһаатынан киһи хараҕа быраҕыллар, ис киирбэх, номоҕон дьахтар. Эрэйдээх тус олоҕор табыллыбакка уонна биэстэ оҕоломмутуттан биирин да илиитигэр тутан хаалбакка, улаханнык санаата түһэн сылдьар. Сатаатар эрдэ тулаайах хаалбыт кыыс ситэри үөрэнээхтээбэтэҕэ, аҕыс кылааһынан бүппүтэ. Онтон ылата уон биэһиттэн холкуос ыанньыксыта. Аны туран сылын аайы наар тымныы, дэриэбинэттэн тэйиччи турар кыстык фермаҕа сыарҕа үрдүттэн инчэҕэй маһынан оттуллар тымныы дьиэҕэ-уокка олорооччу буолан, биир үксүн оҕолоро барахсаттар: ким тымныйан, ким ойоҕостотон, сорох биир-икки ыйыгар төннүбүтэ, орто кыыһа Сууракката барахсан түөрдүгэр тиийээхтээбэтэҕэ, улааппыт уола Уйбаачык алтатын ааспакка күн сириттэн күрэммитэ. Эрэ эрэйдээх Кэлэҕэй Киргиэлэй түөрт бастакыларын аһыытын уйбакка, устунан буор иһээччи буолан, алтатыгар ойоҕостотон өлбүт Уйбаачык өссө төрүү илигинэ, кыһын дэриэбинэттэн бородуукта ыла киирэн баран, үргүлдьү итирик тахсан иһэн ахсым ат айаныгар сыарҕаттан көтөн аара суолга үлүйэн өлбүтэ.
Умнаһыт бурдугун тыал көтүтэринии, Борускуо, хомойуох иһин, ити курдук бу Орто дойдуга барыларыттан уонна барытыттан илии соттубута.
Дьиҥинэн, дэриэбинэҕэ бэйэлэрин дьиэлэригэр үрдүттэн олорбуттара уонна оттон, тустаах салайааччылара оҕоҕо өлүүлээх, олохторугар табыллыбат ыалы дэриэбинэҕэ киллэрэн үлэлэппиттэрэ эбитэ буоллар, оҕолоро да тыыннаах, кэргэнэ да баар буолуо этилэр. Ону баара олохтоох дьаһалта өттүттэн – үрдүкү салалта иннигэр үчүгэй салайааччы буола сатааһын, сиэри таһынан бастыҥ көрдөрүү сырсыыта, албан аакка-суолга, уордьаҥҥа-мэтээлгэ тиксии баҕата, онно даҕатан уопсай баайы-дуолу көрүү кыһалҕата Борускуолаах Киргиэлэй тус олохторугар ыардык тайанан ааспытын, кинилэр көмүс чыычаахтарын ньылбы сотон ылбытын түһээн да баттаппатахтара кыһыылаах.
Хата, Борускуо оҕо эрдэҕиттэн эрэйи-кыһалҕаны эт муннунан тыырбыт, олох аһыытын-ньулуунун эрдэ билбит буолан олох ыар охсуутун барытын эрдээхтик тулуйбута. Оҕо икки тойон эр аһыытын хара үлэнэн мүлүрүтүнэрэ, харытын күүһүнэн аралдьытынара. Төһө да Киргиэлэйэ бокуонньук арыгыга ыллардар, кини биирдэ да биир үрүүмкэ үрүҥнээҕэр буолуох, кыһылы да амсайбатах аньыылаах. Манна диэн эттэххэ, итиччэ оҕоҕо өлүүлээх, ыар сүтүктээх дьахтар испитэ-аһаабыта да буоллар, билэр дьоно сиилиэхтэрэ, сүөргүлүөхтэрэ суоҕа… син өйдүөхтэр этэ. Борускуо муҥнааҕыҥ баара, саараама, күүстээх санаата баһыйан, абааһы аһыгар адьас чугаһаабатаҕа, чугаһыыр да санаата суох.
Дьэ ити курдук Борускуо, чороҥ соҕотох хаалбыт иккис сылыгар үс ыалы кытта тус-туспа турар дьиэлэринэн ыаллаһан Чоҥороҕо туҥуй бургунастары тутан кыстаан олордоҕуна, соһуччу баҕайытык сааһын баттаһа оҕоломмут киһи диэн санаа киирбитэ. Ол төрүөтүнэн ыаллыы Чинэкэ холкуоска олорор бэйэтин бараллаата, элбэх оҕолоох, дьахтар эрэ хараҕа хатанар Кыраһа Уйбаана ыаллыы нэһилиэктэн ааһан иһэн, иттэ таарыйа, билэрдии киирэн чэйдээн ааспытыгар бэйэтэ да билбэтинэн итинник санаа кыыма саҕыллыбыта. Итиэннэ адьас ааһан-араҕан биэрбэккэ бэркэ диэн эрэйдээбитэ. Кистээбэккэ эттэххэ, аҥаардас хаалбыт, кэрэ сэбэрэтин өссө да сүтэрэ илик төрөлкөй дьахтары кытта ыксалаһыан, ол иһигэр атаҕастыан, кыыбаҕатын кыатаммакка туһаныан баҕалаах да баара аҕай. Арай ити итиилэнэ киирэн тахсыбыт ыаллыы алаас, холкуос киһитэ Кыраһа бэрт сэмэйдик киирэн кэпсэтэн ааспыта. Онтон өссө Борускуо суос-соҕотох хаалан олус кыһалҕалаахтык олорорун истэн-билэн, сотору буолаат күһүҥҥү булдуттан атах эт, чэй-табах, арсыын таҥас, куул бурдук кэһиилээх киирэн кэлэн соһуппута да, үөрдүбүтэ даҕаны…
Арааһа, онно иһигэр иитийиэхтээн сылдьар, оҕолонуон баҕарар бүччүм санаатын тыл тамаҕар, кэпсэтэрин быыһыгар таайтаран соҕус кыбытан эппитэ.
Билигин төһө да эдэрчитин иһин кэргэн тахсыбатын, иккиһин олоҕун оҥостубатын кэһэкэнэ буолбут сүрэҕэ сэрэйэрэ. Биэс оҕотуттан илии соттубут ийэ, иккиһин итинник ыар дьылҕата хатыланар түбэлтэтигэр букатын тулуйбатын илэ өйүнэн билэрэ, ис санаатынан таайара. Ол иһин, көмүс чыычааҕын, илии соттубут бүтэһик оҕотун Уйбаачыгын кистиэҕиттэн тоҕоостоох түгэн үүннэҕинэ дьоһуннаах, санаата хонор киһититтэн оҕолонуон уонна тута ыалга ииттэрэ биэрэргэ бигэ санаа ылыммыта. Өскөтүн оҕолонноҕуна – итиччэ оҕоҕо өлүүлээх, ааспат аһыылаах муҥнаах – инникитин салгыы хайдах-туох буолуон билбэтиттэн өйө көтүөр диэри айманан барара.
Онон Борускуо төһө да орто, үрдүк үөрэҕэ суох буоллар, бэйэтэ сахалыы мындыр дьахтар өйүнэн бу курдук толкуйдаан: «Ити Чинэкэ Кыраһа Уйбаана кэпсэтэриттэн-ипсэтэриттэн да иһиттэххэ, дьонтон да туоһуластахха дуоспуруннаах, өй-санаа мааны, сүрэх-бэлэс баар киһитэ, булчут бэрдэ, көстөр да дьүһүнүнэн үчүгэй. Аны Кыраһаҥ бэйэтэ уу кырбас биэс оҕолоох. Ойоҕо Маарыйа билигин да эдэр, онон өссө да төрүө турдаҕа. Өскөтүн мин киниттэн оҕолоннохпуна оҕом өлүө суоҕа, өлүөр-сөлүөр буолуо. Билигин оҕолонон баран бэйэм ииттэхпинэ, инникитин оҕом ол-бу буолан хаалар түбэлтэтигэр аны тулуйбаппын. Онон төрөөтүм да оҕобун Арамааннаахха ииттэрэ биэриэм. Уонна хаһан да чугаһаабакка эрэ көмүс чыычаахпын ыраахтан көрө-истэ сылдьыам. Кэлин этэҥҥэ улаатан киһи буоллаҕына, кэнэҕэһин айбыт аҕатын өттүттэн элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх, халыҥ аймахтаах ыччат буолуо. Оччотугар мин төһө даҕаны бэйэм ииппэтэрбин – тулаайах эрэйдээх эт хааным тарҕаныа, удьуорум ууһуо турдаҕа», – диэн бэйэтигэр бүтэһиктээх быһаарыы ылыммыта.
Кыраһа да бэйэтэ эдэрчи киһи, кэргэнэ алтыһын оһоҕостоох сылдьарынан, итиэннэ аҥаардас дьахтар таайтаран этэрин эт сүрэҕинэн сэрэйэн араас буолар-буолбат сылтаҕынан ыаллыы алааска сыбыытыыра, туора нэһилиэк лааппытыттан бородуукта ылынара элбээбитэ. Ол кэлэ-бара тиэстэ, саатар айанын суола Чоҥорону быһа охсон ааһарынан, хайаан да Борускуоҕа таарыйан тоҥ күөс быстыҥа чэйдиирэ. Кэлин Кыраһа Уйбаан, аҕата Өрүкүй Бүөтүртэн нэһилиэстибэ быһыытынан хаалбыт кырдьаҕас хаамыылаах ата Харачаас, Чоҥороҕо киирдэ да, соруттарыыта суох ала-чуо Борускуо дьиэтин ааныгар кэлэн турунан кэбиһэрэ. Санаатын хоту барыта табыллан иһэринэн, Борускуо да киһитэ кэлэригэр киэргэнэн, дьиэтин-уотун өрө тардынан уонна ымыылаах эр киһитин баарынан-суоҕунан бэркэ диэн маанылаан көрсөрө…
Оччо маанылатар чэгиэн-чэбдик киһи, биллэн турар, иэскэ-күүскэ хаалбатаҕа. Күһүөрү сайын Борускуо баҕатын хоту Кыраһаттан ыарахан буолбутун билбитэ. Киэһэ аайы Бэттиэмэ сайылыгар саҥа титииккэ бургунастарын сыппайан ыан киирэн баран, утуйуон иннинэ иһин түгэҕэр үөскээбитин биллэрэр оҕотун үөскэҕин кытта аргыый наллаан сэрэнэ бигээн, сымнаҕастык имэрийэн истиҥник таптыырын, олус диэн саҥа киһи кэлэрин күүтэрин туһунан уоһун иһигэр сибигинэйэн кэпсэтэр буолбута. Эдэр сылдьан ыарахан буолбутун биллэҕинэ, бу курдук долгуйбутун тоҕо эрэ өйдөөбөт. Ол саҕана эрдээх эдэр дьахтар оһоҕостоммутун, буолуох буолуохтааҕын курдук ылынара. Онтон бу чороҥ соҕотох хаалан баран, кута-сүрэ тостубакка, ийэ буоларга айыллыбыт айылгыта баһыйан, өссө төгүл төхтүрүйэн ийэ буолар дьолун билэргэ, кыаллар буоллаҕына – үчүгэй киһиттэн оҕолонорго сорук туруоруммута олоххо киирэн эрэриттэн – Борускуо барахсан чахчы ис сүрэҕиттэн астынара-дуоһуйара.
Нөҥүө сылыгар саас, хаар үрдэ сахсайан харалдьык тахсыыта Борускуо оройуон киинигэр роддомҥа киирэн үчүгэйкээн уолламмыта. Үүтэ киирэн оҕотун тото-хана эмнэрэр буолан, сотору суол алдьана илигинэ дойдутугар тахсаат, кэпсэтии быһыытынан ииттэ ылыахтаах ыалыгар уолун, төһө да аһыннар-харыһыйдар, оҕотун инники дьылҕатын санаан, ийэ сүрэҕэ төһө да түөһүн иһигэр кымыстаатар эһээхэйин тута биэрбитэ. Ыал аҕата, аҕыс кылаастаах оскуола саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Арамаан Дьарааһынабыс сыарҕалаах аттаах кэлэн, Борускуо суос-соҕотох туруорсар көрдөһүү аҥаардаах усулуобуйатын тутуһан – төрөөбүтүнэн уон хонуктаах, суорҕаҥҥа сууламмыт кыһыл оҕону түннүгүнэн күрэтэн ылан, сыарҕалаах атыгар кэннинэн хааман тиийэн «лах» гынан олоро биэрээт, дьиэтин диэки ахсым атын атара сэлиинэн түһэрэн кэбиспитэ.
Арай Борускуо эрэйдээх, кыстаан олорор Чоҥоротун ферматын уопсайыттан тахсан, сыарҕалаах аттаах киһи күлүгэ барыгылдьыйан алаастан тахсар аартыкка киирэн сүтүөр диэри сымыһаҕын быһа ытыран, саҥата суох икки санна дьигиҥнии турбута…
Уолу тыа оскуолатын сааһыран эрэр, оҕото суох учуутал ыал – Аана уонна Арамаан Уйбаныаптар ылан ииттибиттэрэ. Онон оҕо таптал аатынан Арамааскы, оттон ииппит дьонунан, сурукка киирбитинэн: Уйбаныап Арамаан Арамаанабыс диэн сүрэхтэнэн дьоһуннаах киһи буола улааппыта. Борускуо тус бэйэтигэр эппит андаҕарын толорон оҕотун ииппит дьонугар хаһан даҕаны баайсыбатаҕа, оҕотугар хаһан да чугаһаабатаҕа, биирдэ айах атан кэпсэппэтэҕэ эрээри – өйө-санаата бу биэс оҕотун кэнниттэн, Кыраһа Уйбаантан күҥҥэ көрбүт күүтүүлээх, эстибит эрэлин иккиһин тилиннэрбит уолчааныгар этэ. Оҕотугар хара төрүөҕүттэн, бэйэтэ да билбэтинэн, Чыбычык диэн ааты иҥэрбитэ. Бука, Татыйык диэн чыычаах аатыгар майгыннатан ити Чыбычык диэхтээбитэ буолуо баара дуо? Дьэ ону билигин кимим кэлэн билиэ баарай.