Арамааскы этэҥҥэ улаатан, оскуола кэнниттэн техникумҥа үөрэнэ сылдьан, быыһыгар армияҕа сулууспалаабыта. Үөрэҕин салҕаан механик идэлэнэн, Амма кыыһа учуутал кэргэннэнэн, дойдутугар ананан үлэлии кэлбитэ. Ииппит дьонун таһыгар уһаайба ылан дьиэуот туттубуттара, үчүгэйкээн бэйэлээх үс кыыс, үс уол оҕоломмуттара. Ол тухары Борускуо уолун аанын боруогун атыллаабатаҕа, кийиитиниин атах тэпсэн олорон чэй испэтэҕэ, сиэннэригэр эбэ буолан ымманыйбатаҕа.
Борускуо кэлин быытыкаа холкуостаах биэнсийэтигэр тахсан баран, төрөөбүт-үөскээбит дэриэбинэтин биир уһугар бэйэтин төрүт уһаайбатыгар, Киргиэлэйиниин бастаан ыал буолаат, туттубут эргэ дьиэлэригэр суос-соҕотоҕун олорбута. Дэҥнэтэн учууталлыы дуу, биэлсэрдии дуу кэлбит кыргыттары ырааҕынан уруута, таайа, олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, сэрии бэтэрээнэ Баһылай Уйбаанабыс көрдөһөн онуоха-маныаха диэри олордоро да: кыргыттара сыл аҥаара буолбакка, олохтоох уолаттарга кэргэн сүктэн көһөн иһэллэрэ. Ити курдук Борускуо эрэйдээх олоҕун тиһэх күнүгэр диэри, өлбүт кэргэнин, оҕолорун аһыытын хонноҕор анныгар кистэнэн, баҕаран туран көссүүттэн оҕоломмут эрээри, ииппэтэх уолун олоҕунан, айах атан кэпсэппэтэх кийиитинэн, минньигэс сыттарын сыллаабатах сиэннэринэн дьоллонон, хата, кимнээҕэр ордук олороохтобута.
Өлбүтүн кэннэ биирдэ Борускуо баар-суох соҕотох уола Арамааскы уонна уолун ииппит дьоно Уйбаныаптар, кийиитэ, сиэннэрэ ийэлэрин, эбэлэрин дьиэтин боруогун атыллаабыттара туһугар биир таайыллыбатах таабырын этэ. Ол иннинэ Арамааскы ким оҕото буоларын билэр дьон, ол иһигэр сорох-сорохтор Борускуону оҕотун ыалга ииттэрэ биэрэн баран чугаһаабата, кийиитигэр уонна сиэннэригэр сыстыбата диэн сүөргүлүү саныыллара, оттон Уйбаныаптар, үрдүк үөрэхтээх учууталлар эрээри Борускуону уолуттан көҥөнөн чугаһаппатылар, уолларыгар төрөппүт ийэтин билсиһиннэрбэтилэр диэн сири-буору аннынан сиилиир-хоһулуур быһыылаах кэпсэтэр этилэр. Дьэ оннук, бу оҕото суох ыал уонна Борускуо олоҕун кэтэх өттүн ис таайбараҥа бэйэтэ эмиэ дьиктилээҕэ.
Борускуону кытары бырастыылаһа кэлбит дьон, Ааналаах Арамаан, баччааҥҥа диэри кимиэхэ да быктарбакка сылдьыбыт кистэлэҥнэрин, бокуонньугу тиһэх суолугар атаарар эрэ күн билбиттэрэ. Арамаан Арамаанабыс бырастыылаһар этиитигэр таайыллыбытах таабырын ис дьиҥин арыйан кэпсээбитин, дьэ бу бүгүн кэлэн, субу истэн-билэн олус диэн соһуйбуттара, сөхпүттэрэ. Бэл диэтэр, эр дьон харахтарын уута ыгыллан тахсарын кыамматахтара.
Тиэргэҥҥэ, күүлэ иннигэр икки олох маска хоруобу ууран, кэлбит дьон-сэргэ тула төгүрүччү турбуттарын кэннэ Арамаан бокуонньук баһыгар тиийэн, аттыгар кэргэнин Аананы, уолларын Арамааскыны, кийииттэрин Антонинаны, хороччу улаатан эрэр сиэннэрин ыҥыран аттыгар туруортаан баран, долгуйан кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан мустубут дьоҥҥо, Арамааскыга, кини кэргэнигэр, оҕолоругар туһаайан бу курдук диэн эппитэ:
– Борускуо, оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатынан Боскуойалыын, биһиги иккиэн, колхуос ыанньыксыттарын оҕолоро буоламмыт, киһини билиэхпититтэн кыстык ферматыгар, сайылыкка, салҕыы интернакка бииргэ оонньоон улааппыт, үөскээбит, били этэргэ дылы, кырдьык бииргэ эрэ төрөөбөтөх дьоммут. Кини да, мин да сүрдээҕин тапсар, өйдөһөр этибит.
Онтон кини дьоно эрдэ өлөн, тулаайах уонна кыаммат буолан салҕыы үөрэммэтэҕэ. Дьиҥинэн, биһиги кылааска кини үөрэхпитигэр саамай бастыҥмыт этэ. Холкуоска үлэлии сылдьан сааһа ситэн эрдэ кэргэннэммитэ, биэстэ оҕоломмута эрээри, хомойуох иһин, биир да оҕото атаҕар турбатаҕа, кэргэнэ эмиэ өлбүтэ. Онтон ити ыаллыы нэһилиэк киһитэ Кыраһа Уйбаантан оҕолонон баран, эрдэ кэпсэтии быһыытынан, төрөөбүтэ уон хонуктаах оҕону түннүгүнэн күрэтэн биһиэхэ иитийиэххэ биэрбитэ. Онон Арамааскы – эн дьиҥнээх төрөппүт, эт-хаан ийэҥ, кийииппит Антонина – хотунуҥ, сиэннэрбит – эбэҕит Борускуо барахсан, дьэ бу сытар…