Игирэлэр иккиэн саба түстүлэр. Эстиэх аҕай буолбут саата ыраах эһилиннэ. Хос-хос өй эрэ, көннөрү өйдүүр өй эрэ – биирдэ араарыллан хаалла.

Дөйүтэн баран, тоҕо эрэ, тохтоон хаалбаттар. Дьэ тэбиэлииллэрэ, кэйгэллииллэрэ киирэр. Кэмигэр тохтуур диэн хайа да өттүгэр суох. Үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да.

Араарыллыбыты эмиэ тоҕо тыытан.

Саҥа-иҥэ диэн суох. Эрдэттэн киксибиттии биирдик хамсаналлар. Барыта бэйэтэ тахсан иһэр. Хас көрбүт киинэлэрин үөрүйэҕэ эбитэ дуу? Бу Бүргэс эрэйдээххэ тоҕо эмиэ өһүрдүлэр? Испит эрэ иирсэр идэтэ. Ону иитэн, дириҥэтэн киирэн биэрэн иһэбит.

Киһилэрэ өйдөнөн да көрбөтө. Арааһа… Иккиэн биири санаатылар. Иккиэн биирдик дьаһаннылар. Ыт да үрэн көрбөтө. Бүргэс куота сатаабыт көстүбэт күүстэрэ көннөрү көрөн эрэ турдахтара. Биитэр, аналгын аахайбат аата сыттаҕыҥ ээ диэтэхтэрэ. Киһи аанньаллаах дииллэр. Онтубут кытары баара биллибэтэ. Эбэтэр олох диэн үрдүк күүс орооһоро сатаммат эксперименэ эрэ дуу? Онно испит-итирбит, иирбит-илбистэммит аҥаардастыы айбардыыра көҥүл буолан бүппүт дуу? Уһук улууска, кырыы нэһилиэккэ эн олорор да буол. Кириминээл диэн туох да суохтан биирдэ баар буолан хаалар.

Арай, куһаҕан чуумпулаах, хара дьайдаах хатыланар түүннээх хара дьиэлэр истэригэр олохсуйбут быһыы-майгы биллиминэ хаалан иһэр.

Куһаҕаны ыатарар куһаҕан диэн куота көтө сатыыбыт. Билбэт диэн дьол. Билбэтиҥ син биир суоҕун кэриэтэ.

Арай, били үөҕэр милииссийэлэрбит ити куһаҕаны билэн-көрөн кэллэхтэрэ. Кинилэр эмиэ аньыырҕаан куота көтө сырыттахтарына, хара дьай халыйан барыны сабардыыр ини.


Саас бииртэн биирэ күн аайы эбиллэр. Оҕо аймах уулуссаттан киирэн бэрт. Кыра уолаттар уулуссаттан хал буолан, чугас эргиннээҕи сирдэри кэрийэллэр. Оонньоон умуһах дуу, бадыбаал дуу сир анныгар киирэр холлоҕос. Онно эҥин адьарайдар уйаланан эрдэхтэрэ. Кутталларын бэйэлэрэ иитэллэр. Куттанартан иҥнэн туруохтара дуо – иһирдьэ киирэллэр.

Тиҥсирийэн да диэн – киһи сэргиэҕэ онно суох. Оттон ити тугуй? Туох бэйэлээҕи суулаан, чороччу скотчунан кэлгийэн уурбуттарай? Уолаттар кими билигин оонньуулларый? Чугаһаан көрөллөр. Туга биллибэт устууканы эргитээри гыналлар.

Суулаах тоҕо эрэ чэпчэки. Тугуй бу? Оттон сүөрэн көрүөххэ ээ?


Игирэлэр киһилэрин сыарҕаҕа тиэйэллэр. Аттара сиргэнэн бэйдиэ бара сыспытын нэһиилэ тохтотоллор. Сол тухары саҥарбаттар. Били итирбиттэрэ хайа ыккардыгар сайҕанан хаалбыта буолла? Ыксал буолла. Киһини кистиэххэ наада. Ханна? Сир киэҥ. Син биир булуохтара. Сити курдук быстах-быстах санаалар охсуллан ааһаллар. Бу тухары биирдик дьаһамматах игирэлэр, бэл, санаалара бүгүн биир.

Бүргэһи сүтүктүүр да киһи суох ини. Баҕар, кэлин. Кэлин диэн кэлин. Сити түгэнтэн ыла игирэлэр тылланаллар. Ботур-ботур кэпсэтэн, сүбэлэһэн бараллар.


Умуллан иһэн уһуктар, уһуутуон иһин туох эрэ хаа иһигэр киирэн хаалбыт курдук. Хараҥа да хам ылар, куһаҕан чуумпу да илэ кууһар буолар эбит. Санаа сардаҥатынан далаһаланан, олох түөрэккэй оҥочотугар хатааста сатаабыт киһи. Санаа биир кэм сандаарыс гынар, эйиэхэ туттаран бэрт. Арай, хос, кэтэх, ойоҕос санаа кылларынан сирдэтэн, хайа эрэ хаттыгаска киирэ-киирэ тахсыталаата. Бүгүн диэбитэ бэҕэһээ, бэҕэһээ диэбитэ хас эмэ сыллааҕы буолан муннара турда. Киниэхэ сыһыана суох хартыыҥкалар хатайданан, баары-суоҕу биир будулҕаҥҥа ытыйдылар. Санаа тиийбэт санньыара сааһыланан таҕыста. Өстүйүөхтээх өттүгэр өрө баран диэбиттии аймана аһынан, ис-иһиттэн хас да хос ии буолан тахсар иэйии иһигэр киирэн хаалла. Оннооҕор кини билбэт өлөр диэн тугун. Баҕар, өлөн баран бу тиһэх эргиир суолунан баран иһэрэ буолуо дуу. Баар эрээри суох, суох эрээри баар – барыны син биир билэр. Саныыр дуо кини? Санаа диэн тугуй? Тылынан бэриллэр дуу, бэйэтэ баар буолар дуу? Бу – санаа буолбатахха дылы. Санаа иннинээҕи санаа. Били хос өй онтон кэлэр эбитин дьэ сэрэйдэ быһыылаах.