Сопхуос эҥин тутуута номнуо эргэрэн, сир-буор буолан эрэр. Хотон дьардьамалара үйэ-саас тухары ол үчүгэй кэмнэргэ пааматынньык буолуохтуу өрө хороһон тураллар. Ыанньыксыттар дьиэлэрин, арыы буунун эҥин көтүрэн туһаҕа таһаарбыттара ыраатта. Арай, ити үүт умуһаҕа ордон тураахтыыр. Хата, оҕо аймах ону өҥөҥнүүр. Саһарга эҥин ааттаах дойду буо онтуҥ.


Влас суолу быһа утуйан били дойдуга тиийбитин билбэккэ да хаалла. Улуус киинэ диэтэххэ, улахаммыт да баар эбит. Уот ааныттан атыҥырыы көрдөҕө үһү. Бу диэки сири-уоту кини көрө илик. Тутуулара, бэл, киһи уҥуохтара олох атыттар. Хаһан кини үөрэниэй, күнтэн күн олоруохтаах сирим диэн эйэлэһиэй? Манна да син дьон курдук дьоннор олороллор ини. Маннааҕы уолаттары сорохторун билэттиир. Манна милииссийэ, онно милииссийэ – син биирдэр ини.

Агашата саҥата суох атаарбыта. Хайдах эрэ. Атыннык ааттыан билбэт. Мэлдьи биир, бэл, бүрүчүөскэтэ уларыйбат кэргэнэ ити майгытынан тугу ситиһээри гынара буолуой? Милииссийэлээн бүт диир бойкуотун оҕото эбитэ дуу? Влас диэн милииссийэтэ суох хайаан сатаныай. Иһэ-таһа милииссийэ диэн кини. Бөх диэн көрдүннэр эрэ. Бөхтөн бу сири ыраастыырга анаммыт инилэр кинилэр. Бүрүчүөскэ… Арай, куоракка кэлбитэ, Агашата баттаҕын кырыйтаран көрүстүн? Чэ, чуолкатын даҕаны. Эс, кини кэргэнэ оннук буолбатах. Кини Агашатыгар эрэнэр. Ол оннугар бэйэтигэр эрэммэтэ буолуо. Били дьыалаҕа. Атыҥҥа баҕас Влас эппиэт киһи.

Үлэ чааһа да бүттэр, чуо милииссийэ отделыгар тиийэн түстэ. Баара эрэ биир халаабыһын илдьэ. Дьуһуурунай чааска хонуктуох муҥа дуу? Хата, түргэнник маннааҕы (ис дьыала иһинээҕи) балаһыанньаны билсиэ. Влаһыҥ, хата, күн сарсын бэйэ киһитэ буолуо.


Ис хартыыҥкалар хатайданаллара сүрдэннэ. Үрүт-үөһэ наарданан, уруккуну-хойуккуну биирдик таӨҥан баран эрэллэрин курдук. Бүргэс мэйиитэ эргийдэ. Хос мэйиитэ холбонон ыла-ыла, санааҕа кыттыһа сатаата. Ону бэйэтин санаатыгар балыйан, итирбитигэр оҕустаран, тохтоон хаалбата. Били игирэлэр суоллара сойбут. Уонна тоҕо оччоҕо өрө холоруктана сылдьар? Тугу көрдөөн?

Эмискэ тугу эрэ өйдөөн кэллэ. Ити санаа буолбатах. Туох диэххэ сөбүй? Санаа иһигэр киирэн хаалар хос санаа. Итинтин сайыннараары киин сиргэ үөрэнэ сатаабыта. Эҥин бэртэри баһыйыах курдук санаммыта. Инньэ дииллэрэ даҕаны.

Ол эмискэ кэлбити иилэ хабан ылан сайыннарбата. Итирбитигэр оҕустаран. Итирии диэн мэйии уустук туругун турута сынньыы кэриэтэ. Көмпүүтэри вирус ыһар, көмпүүтэрдээҕэр күүстээх өйү арыгы обургу алдьатар. Онтон атын аан дойдуну атыннык баһылаан олорбуппут ыраатыа этэ. Вируска анаан антивирус айаллар. Арыгыны утары арыгы тоҕо суоҕуй диэххэ айылаах. Оннооҕор буолуох бэйэни кэрбэнии бииртэн биир көрүҥэ үөдүйэр. Киһи диэн бэйэтин бэйэтэ суох оҥорорго бырагырааммаламмыт тэрил диирбит кэллэ быһыылаах.

Туох да бэйэлээх тохтоппото хос-хос мэйии иччитэ Бүргэһи. Кини үөһүгэр киирэн истэ.

Онтон куттаныах үһүлэр дуо, саһаан кэннигэр саһан олорбут игирэлэр. Кинилэр бу үйэҕэ икки аҥыы үлэлиир өйдөрө биир долгуҥҥа оҕустарда. Биири саныы оҕустулар. Санаа да буолсу дуо, күлүм гыммыт суолу.

Хос-хос мэйии диэн чахчы баара буолуо дуо? Оччотугар тоҕо баара-суоҕа саһаан кэннигэр саһан сыппыт уолаттары тыктаран көрбөтө? Испит арыгылара өйдөрүн тиэрэтик үлэлэтэн эрдэҕэ.


Хас хараҥа түүн өссө күүтэрэ буолуой кинилэри? Аҥаардастыы атаҕастаммыт дьахталлары? Бу сааты-сууту ньии. Маннык кэриэтин… Оҕолоро? Ол эрэ иһин саҥата суох хара түүнү аһараллар. Куһаҕан чуумпу сити сахтан атыннык иитиллэн барбыт эбит. Куһаҕанын ааһан дьулаан чуумпу… Туох да суоҕар туох эрэ омооно ойууланан барыыта.


Влас үлэтин тутта. Кумааҕы үлэтэ баҕас илэ мэнээк. Ити хабалаттан босхолууллара буоллар, төһө дьыала буукуба ыһыаҕын ыккардыгар эрэ хаалымына, быһаарыллыа этэй. Сонор туһа туспа, оттон бу үлэ өйүнэн үксүн салаллар. Биир эрэ киһи иичэхэйи өһүлэр диэн дэтэктииптэргэ эрэ баар. Эҥин этээһи этэҥҥэ аастаҕына, эҥин сулууспа сөп түбэһэн үлэлээтэҕинэ эрэ дьыала силигэ ситэн, суукка тиийэн сөп. Ити ис мэхэнииһимэ олус уустук тутуллаах. Сокуон сурулунна да үлэлээн барбат. Ону туорайдаһар суоллар өссө элбиэх чинчилээхтэр. Ис дьыала ис эриэхэбэйин Влас да ситэри билбэт. Онно сөп түбэспэтэҕин суотугар, биирин үксүн, бу кэлэн олордоҕо. Тыаҕа, баҕар, арыый атын буолуо. Өссө уустуга дуу? Манна бэйэ-бэйэлэрин билэллэр. Ол эмиэ үлэни атахтыан сөп. Оттон кини кэлии киһи. Чэ, көстөн иһиэ. Кумааҕы быылыгар аллергията суох этэ.