– Гаастаа! – суоппарга хаһыытаата.
Итиччэни көрөн баран, тоҕо да туран биэриэҕэй – игирэ аҥаара куота сатыыр. Милииссийэлэр обургулар өйдөрүгэр туох көтөн түһүөн ким билиэй. Ситэ баттыыллар.
– Тугу тиэйэн иһэҕит?
– От.
– Бу эмиэ от дуо?..
Икки маннааҕы милииссийэ хамнаабат хартыыҥка курдук хатан хаалаллар. Нэһиилэ өй ылан өссө биир игирэни кэлгийэллэр.
Скотчунан эргитиллибит өлүк туһуттан дэриэбинэлээн испиттэрэ, онтулара кэтэһэ сатаан баран бэйэтэ тиийэн кэлбит диэх курдук. Оччоҕо игирэлэр көннөрү куучардар дуо? Ону билэр уустук үһүө. Дьэ бэйэтинэн буола түспүт Влас саарыыр. Бэйэтин үлэтин истиилин уот ааныттан арыйбат буо.
Хайыахтарай, игирэлэр син биир сирдьиттииллэригэр тиийэллэр. Мигалкалаах массыынаны батыһа Влас атынан көтүтэр. Милииссийэ киинэҕэ эрэ харса суох үһү дуо, кини дьиҥнээххэ даҕаны киһи сатыырын барытын сатыыр. Ат буоллун, атын буоллун – Влас сатаабатаҕа диэн суох.
Сити иһэн син саныыр. Хайдах эрэ өйдөммөт. Хайа эрэ дэриэбинэҕэ кимэ биллибэт өлүк көстөр. Ону өссө уораллар. Өйгө баппат суол диэтэҕиӨ. Кэллэ кэлээт манныкка эрэ түбэһиэм диэбэтэҕэ. Наай гыннар күлүгээннэри кытта сэриилэһиэм диэн ностуруойкалааҕа.
Ити аата буруй аараттан арыллан хаалар дуо? Өлөрбүт дьон эрэ өлүгү уорар буоллахтара. Эс, судургута бэрт ээ. Иннэ-кэннэ биллибэт силиэстийэҕэ эриллиэм диэбитэ баара. Буруй син биир арыллыахтаах. Ол эрээри ити курдук ааһан иһэн алҕаска арыллара омуота бэрт ээ. Оскуола оҕолоро булбуттар үһү диэн буолбута. Оннук умуһахха көрүүтэ-истиитэ суох хаалларбыттара эбитэ дуу. Ону тоҕо уордулар? Эрдэттэн дьаһаммакка тугу саныы сылдьыбыттарай? Умуһахха үйэ-саас тухары ким да киириэ суоҕа диэбиттэрэ дуу, кэлин дьаһайаары хаһаанан сылдьыбыттара дуу? Муммут милииссийэлэри кэтэһэ сатаан баран, улуустатан испиттэр диэххэ айылаах. Ыйытыктары боротокуола суох ыйаан да диэн. Өйү ыраас тутуохха. Уларыйбыт бүрүчүөскэ эмиэ көстөн кэллэҕэ үһү. Бэйэ тырагыадьыйата сүүс төгүл ыарыылаах. Онтон атына кини үлэтэ. Ону барытын чугастык ылынан истэххэ, бырахтарарыҥ ыраахтан буолбат ини.
Кини кими эрэ тиэйэн иһэр. Киһи эбитэ буолуо кини да. Арай, ити мумматахтара буоллар, олох да аасыһан хаалыа эбиттэр дии. Милииссийэ саҕа эрэйэлиис диэн суоҕа буолуо эрээри, кинилэр да үлэлэригэр миистикэ кыттыһан ылар. Бэйэтэ арылла сатыыр бөрөстүпүлүөнньэ диэн эмиэ баар. Кыраттан сылтаан эмискэ арыллар. Кыра ымпык хараххар көстөн кэлэр. Эбэтэр дьыала быһаарыллыыта бэйэтэ тахсан иһэр. Силиэстийэ диэн өй үлэтэ. Ол эрээри арыт өйү сынньата сылдьар кэмҥэр бэрт судургу эппиэт хантан кэлбитэ биллибэккэ баар буолар. Арыт ким эрэ санаата буолбакка бэйэтинэн тиийэн кэлэр. Эбэтэр өтөрүнэн көстүө суох туоһу суобаһа оонньоон барар.
Төһөтүн да иһин итиннэ туох эрэ син баар. Оннооҕор Влас курдук кииллийбит киһи ону иһигэр билинэр. Айахтатан киирэн биэрбэтэр да. Аҥаардас суруллубут сокуонунан, үрүт-үөһэ үөрүйэҕинэн буруй арыллыбат. Ити туһугар туох барыта туһалаах. Саҥа дьыалаҕа ылыстыҥ да, искэр туох эрэ холбонор. Уонна хаһан бүтэн кумааҕыга тиһиллиэр диэри олоҕуҥ олордьу онно эрэ ананар. Эн утуйа да сыт, итирэ да сыт – холбоммут мэхэньииһим үлэлиирин тохтоппот. Сонордьут, суолдьут ону өйдүөн сөбө дуу. Таах да, милииссийэни милииссийэ эрэ өйдүүр.
Игирэлэр буола-буола. Эдэр уолаттар. Эҥин-дьүһүн буолаллара түргэн. Бөрөстүүпүнньүк диэн бэчээт сүүскэр турбат. Милииссийэ да кинини сытырҕаан билиэ дуо.
Субу аҕай барбыт массыынаны суоллаан тиийэр ини. Тула тыа. Туох да суох. Кыһыҥҥылыы кырыа дойду. Саас сибикитэ ханан да суох. Өлүктүүн баҕастыын аны кини муннаҕай.
Оннооҕор буолуоҕу көрөн кэлбит Влас хайдах эрэ саллыахча. Саатар бу ат сыылан бүгүн тиийэр эрэ суох.