Биирдэ Төҥүлү баайа Быйаҥ ойуун кэлэн ыалдьыттаабыта. Боло Күүлэкээн ытык ыалдьыт кэлбитигэр, байтаhын биэни өлөртөрбүтэ. Онно Быйаҥ ойуун, уол аhамньытын сөҕөн, «бу уол моҕуhа бэрт эбит, Боруку Омоллоон диэн ааттыахха сөп эбит» диэбитэ. Уол ону өhүргэнэ истибитэ. Ити итинэн ааспыта.
Онтон үс сыл буолан баран, Быйаҥ ойуун дьиэтигэр олорон, уохтаах кымыстан сүһүөҕэр оҕустаран, дьиэ таhыгар тахсан сөрүүкүү олордоҕуна, эмискэ быыра ох кэлэн быарыгар батары түспүтэ. Быйаҥ иҥиир ситиитин таттаран, өрө титирэстии түhээт, өй ылан: «Бу хайа өстөөҕүм кэлэн өлөрдүҥ?» – диэн хаhыытаабыта. Онуоха тыа диэкиттэн: «Боруку Омоллоон кэллим!» – диэн хаhыы иhиллибит. Быйаҥ уолаттарыгар: «Болугур ууhугар сылдьан, орой мэник уолу оонньоон Боруку Омоллоон диэн ааттаабытым, бука, кини кэлэн өлөрдөҕө буолуо, ситиhиҥ», – диэн баран тыына быстыбыт.
Омоллоон ыар буруйу оҥорон баран Бүлүүгэ күрээбитэ. Быйаҥ аймахтара, түөрт уонча киhини тардан, Болугурга кэлбиттэрэ. Омоллоону көрдөөн баран булбакка, өс ситиhэн, Боло Күүлэкээн кыра уолун Чааппара диэн тоҕустаах оҕону өлөрөн, сэптэрин хааннаан баран төннүбүттэрэ. Оттон Омоллоон Бүлүүгэ тиийэн саһан үс сыл олорон баран эргиллибитэ.
Оттон Хомуос эмиэ кыргыс үөрэхтээх да, майгытынан көрсүө. Күүhүнэн бэйэтин уйуттар диэбит киhилэрэ. Ол эрээри бэрдимсийэ сатаабат, көннөрү урууга, ыhыахха эрэ тустар. Ханна да барбат-кэлбэт. Сүөhүтүн-аhын үчүгэйдик көрөр, үлэhит киhи. Күүлэкээн эдэр ойоҕуттан төрөппүт үhүс уола Чоху уончалаах эрэ оҕо.
Хаһаактар, сүөhү хаамыытынан айанныыр буоланнар, бытааннар. Эккирэтээччилэр ыаллартан сураhан, ханна тиийбиттэрин билэ истилэр.
Хаһаактар Чаачыгый диэн сиргэ кэлэн хоммуттар. Аара олорор оҕонньор бу сарсыарда туран барбыттара, ырааппатахтара буолуо диэтэ. Ону истэн, Төҥүлү диэн киэҥ алааска тиийэн хоно сыттахтарына, түүн саба түhэргэ быhаардылар.
Аны тиэтэйбэккэ, тохтоон утуйа-утуйа, бытааннык айаннаатылар. Төҥүлү киэҥ алааhын илин саҕатыгар кэлиилэригэр, уһун сиппэрэҥ ардах түhэн барда. Ох саа кирсэ ардахха сытыйдаҕына, сымнаан, уунан, ырааҕы кыайан тэппэт буолар. Онон куhаҕан буолсу. Хаһаактар чокуурунан эстэр тимир саалара ардахха эмиэ моhуогурууһу.
Хараҥарбытын кэннэ, күүтэ түhэн баран, аттаах дьон хайдыhан, киэҥ алаас икки өттүнэн субуhан бардылар. Алаас иhигэр элбэх сүөhү ыhылла тарҕанан мэччийэ сылдьар. Сүөhүлэри анараа өттүлэринэн эргийэн, саҥата суох хомуйан, илин диэки үүрдүлэр, ол кэмҥэ хаһаактар харабыллара айдааны тарта.
Ардах күүhүрэн, таҥаhы сытытта. Сарыы сонноро тымныынан хаарыйар. Хабыс-хараҥа. Күhүҥҥү ардах силбигэ куhаҕан. Киhини тоҥорор.
Сүөhүнү үүрэн киэҥ алаас илин өттүгэр чугаhаан эрдэхтэринэ, хаһаактар аттаах сэриилэрэ боруора харааран ситэн кэллилэр.
Омоллоон, иҥэhэтигэр туран, ынан кэлбит нуучча атын батыйатынан баска сырбатар. Ат, чугурус гынаат, төбөтүн хойуоллаҥнатта. Иккис хаһаак атын эмиэ төбөҕө биэрэн буксутта. Баатырдар охсуhан, кылыс тыаhа бачырҕас буолла. Сахалар, охсуhа-охсуhа, сүөhүнү кытта чугуйаллар. Нууччалар, охсуhан иhэннэр, бэйэлэрин тылларынан хаhыытаhан тохтоотулар. Бекетов сахалар, баҕар, соруйан чугуйбуттара буолуо, тыа саҕатыгар илдьэн, элбэх буолан эргийэн саба түhүөхтэрэ диэн сэрэхэдийдэ. Хараҥаҕа төhө да сэрииhит киhи хорсун санаата мөлтүүр.
Баатырдар, хаһаактар чугуйбуттарын билэн, үргэн ыhыллыбыт сүөhүлэри хомуйан суолга киллэрдилэр.
Петр Бекетов үүрэн иhэр сүөhүтүн былдьатан кэлэн баран, Мэҥэ баайын Босхоҥ Боруохалы баран боҕутуннарар санаалаах. Ааспыкка онно тахсан тэриллиилээх утарсыыны көрсөн, улахан ордууларыгар тиийбэккэ төннүбүттэрэ. Ол куhаҕан. Таатта үрэҕэр олорор сахалар, баҕар, ону истэннэр улахан утарсыыны оҥорбуттара буолуо. Саатар, хоннохторун анныгар баар чугас улууhу самнардахтарына сатанар. Бу дойдуга таах таалалыы кэлбэтэхтэрэ.