– Күлүүкэ уга чугас баар эбит. Тутан көрдүм.

– Билигин атын сиринэн угуом, – диэт, Тоо оһох иннин диэки сүүрдэ.

Күлүүкэтин ороон таһааран оһох ойоҕоһунааҕы аһаҕаһынан укта, оһох нөІүө өттүгэр Акуу сүүрэн тиийээт:

– Күлүүкэ кэллэ, кырынаас суох.

– Билигин, – диэт, Тоо күлүүкэтин ороон ылан, иккис аһаҕаһынан угаат, иһирдьэ киллэрбитинэн барда. – Күлүүкэ тиийдэ дуо?

– Кэллэ. Кырынаас суох.

– Кырынаас ханна бардаҕай? – Тоо мунаарда.

– Кырынаас оһох иһигэр баар. Атын аһаҕастарын булкуйан ис, аттыттар кэтээІ, – Дьөгүөрүскэ күлэ-күлэ сүбэлээччи буолла. Саарык оһох диэки хайыһан сытар, кини эмиэ кырынааһы кэтэһэр.

Оһох аллараа өттүнээҕи аһаҕастар барыта күлүүкэнэн булкулуннулар, кырынаас тахсыбата.

– Һуу! Тириттиим, – Тоо ытыһынан сүүһүгэр тахсыбыт көлөһүнүн туора-маары сотунна.

– Үлэлээбит сирэй-харах баар буолбут, – күлэ туран Дьөгүөрүскэ эттэ.

– Оо! Бу оҕону, доҕоор. Тоо, сирэйгин суунаар эрэ.

– Тоо, дьиҥнээх хачыгаар курдуккун, – Дьөгүөрүскэ үөрэн ытыһын таһынна.

Оҕолор сырсан кэлэн убайдарын сирэйин көрөн күлүстүлэр. Ити кэмҥэ аҕалара Саарыгы ыҥыран ыт муннун оһох аһаҕаһыгар үҥүлүттэ. Ыт, сытырҕалаан көрөөт, кырынаас чугас баарын биллэ быһыылаах, ыйылаан ылла, илин атаҕынан оһох аһаҕаһын тарбаата.

– Кырынааспыт баарын ыт биллэ, – оҕолор кэрийэ сылдьан оһох аһаҕастарын көрө сатаатылар да, кырынааһы ким да көрбөтө. Аһаҕастар истэрэ хараҥа.

– Бары хосторго киирэн саҥата суох олорон кэтэһиэҕиІ. Ханан эмэ тахсаары быгыалыа, – аҕалара сүбэлээччи буолла уонна Гайдаах Аачаны сиэтэн хаҥас хоско киирдэ. Тоо күлүүкэтин туппутунан уҥа хоско киирэн, оһохтон тэйиччи муостаҕа олордо.

– Биһиги Саарыктыын үһүөбүт. Акуу, бэттэх кэл. Айдаарбакка олоруох, – остуол кэтэҕэр олорон Дьөгүөрүскэ сүбэлээтэ.

Акуу Саарык таһыгар кэлэн олордо. Дьиэ иһигэр уу чуумпу буолла, арай хос иһиттэн мурун сыҥсыйар тыаһа иһиллэр. Балай эмэ чуумпутук олордулар.

– Акуу, көр, көр, – Дьөгүөрүскэ сибигинэйэрин Акуу истэ оҕуста.

Хаҥас аһаҕаһы көрбүтэ, кырынаас аһаҕас иһиттэн кинини одуулуур эбит. Саарык кырынааһы көрөн, кутуругун хамсатан ылла. Кырынаас куттал баарын биллэ быһыылаах, төттөрү түһэн хаалла.

– Баар, баар! – хаһыытаабатынан ойон туран, Акуу аһаҕас иһин өҥөйөн көрдө.

Ити кэмҥэ хоско күлүүкэ муостаҕа охсуллар тыаһа иһилиннэ.

– Төттөрү түстэ, сыыһа охсон кэбистим, – Тоо саҥата иһилиннэ.

Хаҥас хоско кэтээн олорооччулар кырынаас аһаҕастан быган олорорун көрө оҕустулар. Оҕолор аҕаларынаан түгэх орон таһыгар муостаҕа олороллор. Кырынаас уҥа-хаҥас көрүөлээтэ уонна кэккэлэһэ орон анныгар ыстанна.

– Сүүрдэ, орон анныгар баар! – Аача хаһыытыы түстэ. Анараа хоско күлүүкэ тыаһа иһилиннэ. Уолаттар бэтэрээ хоско сырсан киирдилэр.

– Итиннэ киирдэ.

– Уу! Итиннэ куоска муоста анныгар киирэр аһаҕаһа баар дии.

Тоо хапсаҕай баҕайытык орон анныгар киирэн, куоска аллараа муоста анныгар киирэр аһаҕаһын көрөөччү буолла.

– Манан аллараа киирбит.

– Кырынаас аллараа тугу оҥороро буолуой?

– Оҕолортон, Саарыктан куоттум ээ диэн лаадыскалаан эрэрэ буолуо, – Дьөгүөрүскэ күлэ-күлэ эттэ.

– Итинтэн кырынаас тахсыа дуо?

– Ас көрдөөн тахсыа.

– Куобах этин сиир дуо?

Итинник күө бааччы кэпсэтэ-кэпсэтэ бары остуол таһыгар кэллилэр. Оҕолор сэргэхсийбит көрүҥнээхтэр. Ийэлэрэ хотонтон киирэн киэһээІІи аһылыгы бэлэмнии сырытта. Мантан киэһэ аһылыкка диэри кэпсээн кырынаас, араас кыыллар, көтөрдөр тустарынан буолла: кинилэр хайдах бултаан аһыыллара, сайын дьүһүннэрэ уларыйара, хайдах саІараллара, хаһан төрүүллэрэ, эһэ кыһыны быһа утуйара ахтылыннылар.

Көҕүллээх

Оҕолор ийэлэрин кытта таһырдьа тахсан, хотон диэки баран иһэннэр, Тооҕо аккытын таһааран уулатыҥ диэбитигэр, хотоҥҥо киирбэккэ, дал таһыгар хааллылар. Аҕалара суох. Дьөгүөрүскэ уонна эһэлэрэ буолан Ычаанда күөлүгэр андаатаралыы барбыттар. Көҕүллээх далын иһигэр күҥҥэ ойоҕоһунан буолан сыламныы турар эбит. Тоо улахан киһи буолан далга киирдэ уонна акка утары тиийэн сиэлиттэн харбаан ылан дал аанын диэки соспутугар, ата улгум баҕайытык кинини батыста. Дал ааныгар Тоо атын сиэлиттэн сиэппитинэн тиийэн кэллэ. Бары көмөлөөн дал аанын сыралаһан астылар. Убайдара аты сиэтэн таһааран сыарҕа таһыгар тохтотто. Сыарҕаттан көнтөстөөх ат баһын быатын ылан сыралаһан кэтэртэ, оҕуруо быатын баайбата. Аты күрүөҕэ адьас ыкса туруордулар. Ат иннигэр туран Тоо: