Киэһэриитэ аны кини Бороскуой диэки хаамта. Онно да Сандал сүгүн аһарыыһы дуо – өрө сүүрэн таҕыста. Бу сырыыга «норообото» суох.
– Эчикийэ, куорат куота, бачча киэһэ ханналаан иһэҕин? Тохтоо эрэ, эйигин кытта кэпсэтэбин дии! Ноо, аны дьүлэй буолан кубулуннуҥ дуо?! Yүлэ, ээ, Yүлүйэ, тохтуу түс эрэ, – баарыҥҥы Сандал ханна да суох.
Атын вандал дьахтары күөйэ сатаата. Итирэринэн иитиллэн киһиҥ саҥарардыын түргэн, хаамардыын сыыдам. Кыл-мүччү Бороскуой соппулуотун ис өттүгэр баар буолан хаалла. Ыт өрө баргыйбытыгар эрэ анарааҥҥыта киһи эрэ буоллар тохтоото. Туох эрэ диэн үөхсэ-үөхсэ тэйэ хаамта.
– Суолас, аны ойох көрдүүрэ итээбит дуу, – Бороскуой түннүгүнэн көрө охсубут быһыылаах. – Кини киһи итирэрэ, иирэрэ түргэнэ.
Айыбыын! Мантан түүн өссө хайдах буолуо биллибэт. Сэнээн өссө түүннэри дьаарбайар санаалааҕа. Чуумпу уулуссанан. Куоракка биирдэ эмит түүннэттэххэ куттал. Онно өссө милииссийэ баар. Баҕар, кэлэн өрүһүйүө. Манна саатар оннук саарбах да буоллар хахха суох. Күлүгээнниин күөн көрүстэххинэ үҥсэн туһа суох – хаһан инньэ Хатыҥнаахтан биир эмэ хахаардалаах кэлиэр диэри ырыаҥ ылланар ини. Ыарыйдаххына – биир биэлсэр ыйан-кэрдэн биэрэр дуу, суох дуу. Урукку курдук бөртөлүөтүнэн бырааһы баар гыммаккын. Эрэнэриҥ эрэ эт бэйэҥ уонна эрдэ суруллубут ыйааҕыҥ.
-5-
Сандал эрэ үһү дуо, Бороскуой ааҕыытынан кутталлаах киһи элбэх эбит. Хаайыылаах диэн, бырахтарыылаах диэн, көннөрү содуомнаах диэн – тула куттал. Өссө синньэ киһи иһигэр тугу иитэ сылдьарын билбит суох. Дьахтарга куруук да эргиччи куттал. Ол Бороскуойу бокуойдаабат күлүктэр диэн, аны киһи дьонтон сэрэниэхтээх. Yүлүйэ иилиир кутталы санаатынан куһуоктаталаата. Бытарыттахха баараҕай да баһа биллэр. Боруҥуйунан бүрүөһүннэнэн, холбоһук олбуордарын үрдүнэн курдары ойон ол да буоллар дьиэлээтэ. Көмүскэнэр кыаҕа суохха кутталтан эмп биир – бүтэй иһигэр бүгүү, сэрэҕинэн быыһанан кирийии. Күүлэ аана хатанна, дьиэ халҕана олулунна. Оонньоон кини Бороскуойга баар үһү. Түннүгэр эмиэ ойон тиийдэ, сабыы быыһынан кылатан таһырдьаны манаста.
Дьиҥи-чахчыны бүрүйэн турбут күнүскү чуумпуну табаарыс атамаан саралыы тардаатын кытары ала көстүү арылыс гынна.
Халдьаайы харса суохтара бүгүн Айанньыттар аартыктарыгар мустар киэһэлэрэ үүммүт. Чуо Сандал олбуорун айаҕар. Ол «мунньахха» баар дьону Yүлүйэ өр сыныйан одуулаһан син ким кимин быһаарда. Олору ойоҕостон наардаталаан ыраас илиискэ уурталаан кэбистэххэ, хаарты хараҕынан ханалыта соҕус характарыыстыкалыыр буоллахха маннык.
Сандал – туус суоҕар туус дуома. Бөдөҥ-садаҥ, санаатыгар саар курдук маннааҕы ыччат.
Мара Бааска – субу аҕай босхолонон кэлбит, онто сүүһүгэр сурулла сылдьар хара бэкир киһи. Туох куһаҕан буолла да киниэхэ күтүрүүргэ үөрэнэн хаалбыттар. Туһугар эмиэ тойон туус. Хаайыыга үчүгэйдик олорбута да ону туоһулуур.
Тайах Дармыдыан – аҥаардас көрүҥүнэн да туус. Күүс диэн киниэхэ. Онтун нэһиилэ туттуна сылдьарга дылы. Хаһан эрэ биирдэ дэлби барыах айылаах. Арай, өйбүт мөлтөһүөр соҕус. Хааннааҕынан халыччы көрбүт хаһан да бэттэх кэлиэ суох бэйэлээх киһийдэх. Yүлүйэлэри баҕас биирдэ тэпсэн ааһар ини. Халдьаайылар үөрэнэн хаалан кыһаллыбаттар.
Төрдүс тууска бакаансыйа баар. Онуоха-маныаха диэри онно оҥос буоллун.
Хоруол эрэ илэ мэнээк. Баар-суох үөрэхтээхтэрэ, элбэҕи күүтэр эрэллэрэ Илибиэтэ сиэнэ Испирдиэҥкэ да буоллун. Кини эрэ көтөх буутун көрдөрө сатаан суортугунан кэлэн турар. Бакаа сүпсүлгэнтэн тэйэ туттар да, көрүү-истии баһаам. Көмүс ачыкыта килэҥнээн олорор. Лааһар эрэйдээх өллөр да хоруол ахсааныгар сылдьара буолуо. Бу диэки олорорунан уопсай көртөн маппатах иннэ-кэннэ биллибэт Мэнээк Микиитэ эмиэ киирдин. Сирэйэ балларыттан, онон-манан көрөн киһи утары көрүө суох бэйэлээҕин да иһин. Киһиҥ иһэрин иһин итинтэ аахсыллыбат. Хоруоната суох хоруол дал курдук дьиэтигэр өрө мөҥүрээн соҕотоҕун олорор. Туустарбыт да, хоруолларбыт да үтүктүспүт курдук холостуой эбиттэр. Ойох бакаансыйата бу эргин буолунай да, баҕалаах көстөн биэрбэт. Уонна бүтэһик хоруол – үкчү бөтүүк курдук кыһыл нуучча буоллун. Улуу омугу солоттон хайдах матарыаҥый. Төһөтүн да иһин Халдьаайыга биир эрэ рашен баар. Эмп курдук. Иһэр иһэр итирбэт баар үһү. Ол кини – акыйа сытыйбыт Акулов. Yүлүйэ үлүһүйэн көрө сылдьыбыт «Большой брат» диэн реалити-шоутугар Евсиков Сергей диэн ыччат баара. Кыһыл ымыы курдук буола сытыйан. Маннааҕы Акуловы кини иһигэр «Евсиков в худшем варианте» диэн сүрэхтээтэ.