Онтон өҥ-сут эҥээрдээх хас да үйэ ааспытын кэннэ, уон үһүс үйэҕэ, могуол омуктар модун холбоһугу тэринэн өрөгөйдөөбүттэрэ. Кинилэр эмиэ хонуу куйаар дойдулаах көс омуктар этилэр. Тимири уһаарарга, уһанарга идэтийбэт буоланнар, былыргы түүрдэр курдук тимир уустарын тыыппаттар этэ. Ол эрээри улахан сэрии дьалхаана урааҥхайдары эмиэ таарыйар. Ханнык эрэ могуол эдэр уолҕамчы хаанын аттаах сэриитэ 1217 сыллаахха хонуу куйаар эҥээрдээх аһаҕас сиргэ олорор урааҥхайдар ордууларын алдьаппыта. Байҕал илин өттүгэр олохсуйбут урааҥхайдар онтон тэмтэрийэн, хаһан эрэ былыргы өбүгэлэрэ эппиттэрин курдук, «бу дойдуга сүгүн олордуо суохтар» диэн, сүөһүлэрин үүрэн, хоту көһөллөр.

«Оннуттан уларыйбыт огдолуйар» диэн өс хоһооно этэринии, аны могуоллартан күрэнэн, ханна эрэ чуумпу дойду баар буолуохтаах диэн, Олоохуна өрүс сүнньүн тутуһан, хоту диэки айаннаабыттара. Аара тохтоон, икки сиргэ кыстаан бараннар, үһүс сайыннарыгар, улахан өрүс орто сүнньүн илин эҥээригэр кэлэллэр. Ханна даҕаны киһи-сүөһү олохсуйуон сөптөөх сири көрбөтөх дьон өрүс арҕаа эҥээригэр киэҥ-куоҥ үчүгэй сир баарын билбиттэр. Онно кыһамматах курдук өрүс илин эҥээригэр тохтоон кыстыыллар. Ол кэмҥэ өрүс арҕаа өттүнээҕи киэҥ сыһыыга сайын таба көлөлөөх тоҥ уустар кэлэллэр эбит. Ону сэргэ дьүкээбиллэр (юкагирдар) диэн балыксыт идэлээх дьон өрүс кытыытынан олорбуттар.

Урааҥхайдар кыстаан бараннар, саас хаар хараарыыта өрүс уҥуор туорууллар. Кинилэр куйахтаах, тимир сэптээх баатырдара таас үҥүүлээх, охтоох тоҥ уустары сэриилээн хотон, эргиллибэт гына үүрбүттэр. Онтон дьулайбыт дьүкээбиллэр, сэриилэспэккэ эрэ бары көһөн, Тумара үрэҕинэн хоту түспүттэр. Урааҥхайдар үчүгэй ходуһалаах, бултаах, балыктаах саҥа сири дойду оҥостон олохсуйаллар.

Оттон улуу Байҕал арҕаа өттүгэр олорбут айыы дьоно тыытыллыбакка дойдуларыгар олорбуттара. Могуоллар кыайан-хотон, барыталаан, улахан араллаана суох кэм кэлэн, дьыл-хонук ааһан испитэ. Ханна эрэ кый ыраах буолар сэрии дуораана да иһиллибэтэ.

Өр кэмҥэ Кытайы баһылаан олорбут могуоллар 1368 сыллаахха ол дойдуттан букатыннаахтык үүрүллэн, төрүт сирдэригэр Монголияҕа көһөн кэлбиттэрэ. Кэлэллэрин кэлбиттэрэ буолан баран, Кытай сиригэр төрөөбүт-үөскээбит, көс олохторун олох умнубут дьон, аҥаардас эт-үүт аһылыкка астымматтар. Кураанах хонуу куйаарга тэһийбэттэрэ даҕаны. Аны кэһэкэнэ буолбут кытайдар сүгүн олордубаттар. Могуол сиригэр элбэх сэрии дьонун аҕалан, киин куораттарын Кара-Коруму урусхаллаан баран төннөллөр.

Кытайга бурдук үүннэрэн аһаан олорбут сорох могуоллар, тыа эҥээрдээх чуумпу, кытыы сиргэ баран олохсуйарга быһаарыналлар. Кинилэр сэниэ ылан бараннар, аттаах сэриилэрэ Сайаан хайатын уҥуордаан, Аҥхара өрүһү туораан, улуу Байҕал арҕаа эҥээрин олоччу сэриилээн ылаллар. Эр дьону өлөртүүллэр. Эдэр дьахталлары, оҕолору Монголияҕа көһөрөллөр. Көс олохторун умнубут могуоллар «үтүө дойду бу баар эбит» диэн саҥа сиргэ олохсуйаллар.

Оттон урукку аҕа баһылыктарын аатынан сахалар диэн ааттаммыт айыы дьоно сэриигэ хотторон тыыннаах ордубуттара тыаҕа күрэнэн, хоту түһэр улахан өрүс баһыгар саһан кыстыыллар. Аал оҥостон, эһиилги сааһыгар сүүрүккэ оҕустаран хоту диэки усталлар. Кыыллаах Арыы диэн ааттаабыт арыыларыгар кэлэн кыстаан баран, нөҥүө саас эмиэ өрүһү таҥнары устан, олохсуйуохха сөптөөх киэҥ сыһыыны көрөн тохтууллар.

Ити кэм иннинэ Туймаадаҕа, Эҥсиэлигэ олохсуйбут урааҥхайдары тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эмискэ кэлэн саба түһэн сэриилээн хотоллор. Онно тэмтэрийбиттэрин кэннэ, аны уһун кэмнээх сут кэлэн, быстаран, иэдэйэн олордохторуна, соҕурууттан өрүһүнэн устан, Омоҕой баһылыктаах айыы дьоно – сахалар кэлэллэр. Ол дьон биир тыллаах аймахтарын урааҥхайдары булан, кыргыттарын ойох ылан, дьиэ-уот туттан олохсуйаллар. Өлгөм бултаах, балыктаах, аҕыйах киһилээх, киэҥ-куоҥ чуумпу дойдуну сөбүлүүллэр. Сүүһүнэн сылларга улахан быстарыылаах уһун сут уонна улахан сэрии буолбакка, киһи-сүөһү элбээн, кэлин ханна киһи олоруон сөптөөх уулаах, ходуһалаах, мэччирэҥнээх сиргэ барытыгар тарҕаналлар. Урааҥхай сахалар хоту дойдуга кэлэн бурдугу ыһалларын, өрбөҕү өрөллөрүн умнубуттара. Сүрүн аһылыктара – эт, үүт, үрүҥ ас, балык, кымыс. Онно сир аһын хомуйан, бэс субатын хатаран мэлийэн эбинэллэр. Онтон дьадаҥы дьон сүрүн аһылыктара балык буолар.