Тиийиммэт-түгэммэт ыарахан олохтон кыһарыллан кэлбиттэр да бааллара. Бары хоту дойдуга кэлэн, күндү түүлээҕи хомуйан байалларын санаатахтарына, утуйар уулара көтөр, харахтара чаҕылыйа түһэр дьон. Саҥаттан саҥа сири арыйар, элбэҕи билэр-көрөр эмиэ туох эрэ тартарыылаах буолааччы. Ол туһугар төлөннөөх сүрэхтээх хорсун эр бэртэрэ ханна тиийбэтэхтэрэ, тугу оҥорботохторо баарай…

* * *

Хаһаактар олохтоох омуктартан ханна туох сир баарын, онно хайдах тиийиэххэ сөптөөҕүн, төһө бултааҕын, туох дьоннооҕун эҥин куруук ыйыталаһаллара. Кими эмит күүстэринэн тутан ылан эбэтэр бэйэлэригэр тардан табаарыстаһан сирдьит оҥостоллоро.

Сирдьитэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, муна сылдьан баран төннөллөрө элбэх буолара. Хайаны эргийэ сылдьыбыт, суолга муна сылдьан быстарбыт түбэлтэ элбэҕиттэн кэһэлтэ буолбуттара ыраатта. Өрүс туора салаатын өксөйөн көрдөхтөрүнэ, үрэх бастара холбоһор куоһахтарыгар, дулҕа үрүйэлэргэ тиэрдэн кэбиһэр. Сирдьитэ суох түҥ тайҕаҕа хайдах да сатамматтар.

Мангазейтан сылдьар промысловиктар Нижнэй Тунгуска үрэх үөһээ өттүгэр тахсан, симиэбийэ туттан, бултуу сылдьаннар, тоҥустартан илин улахан өрүс баарын истибиттэр. «Сылгылаах, ынах сүөһүлээх, элбэх киистээх дойду баар үһү» диэн сурах Мангазейга иһиллибит. Сахалыы билэр тоҥус киһитэ «илин» диэбитин, нууччалар «Лин» диэн өйдөөбүттэр.

Лин диэн улахан өрүс баар сураҕа үгүс киһини долгуппут, ымсыыларын көбүппүт. Сотору кэминэн онно тиийэргэ тэриммитинэн, суолун-ииһин хайбытынан барбыттар. Ол эрээри саҥа истибит, билбэт да, көрбөтөх да дойдуларыгар баралларыттан саллыбыттар. Государство өйөбүлэ суох барар кыахтара да суох. «Илин Лин диэн улахан өрүс баар үһү» диэн Тобольскайга биллэрбиттэр.

Маҥнай Туруханскайга тэриллибит түөрт уон киһилээх Пенда диэн киһи этэрээтэ, Нижнэй Тунгусканы өксөйөн, үрэх үөһээ баһыгар тиийэн симиэбийэҕа кыстыыр. Ыраах айаҥҥа барыахтарын иннинэ үчүгэйдик бэлэмнэнэллэр. Алталыы-сэттэлии киһи олорор, хонууга соһор чэпчэки каюктары оҥостубуттар.

Саас муус устар ыйга сындалҕаннаах уһун айаҥҥа туруналлар. Нижнэй Тунгуска баһыттан Бүлүүгэ түһэр Чурки үрэх баһыгар диэри арҕас сири, каюктарын табанан состорон, таһаҕастарын ыҥыырдан, сүгэн эҥин, бэрт эрэйинэн айаннаабыттар.

Онтон Бүлүүгэ түһэн, уунан устан, төрдүгэр тиийэн, саха балаҕанын булан кыстыыллар. Лин диэбит өрүстэрин Лена диэн ааттыыллар. Тоҥустартан киис хомуйаллар. Эһиилги сайыныгар Лена өрүһү өксөйөллөр. Сахалар бөлөхтөөн олорор сирдэригэр кэлэн тохтоон, киис тириитэ хомуйаллар. Саҥа билсибит сахаларыгар оҕуруо, дьоҕус алтан хочуолу биэрэллэр. Күһүөрү эмиэ Ленаны өксөйөн, Олоохуна өрүс төрдүгэр кэлэн симиэбийэ туттан кыстыыллар. Тоҥустартан түүлээх хомуйаллар. Нөҥүө сайын Ангара өрүскэ тиийэллэр. Онтон Туруханскайга кэлэллэр.

Бу сырыыларыгар ханна даҕаны утарсыыны көрсүбэттэр. Арай Ангара бүрээттэрин кытта хабырыйсыы буолбут. Бүлүү, Лена өрүс эҥээригэр олорор табалаах, ынахтаах, сылгылаах омуктар сымнаҕас эбиттэр диэбиттэр. Икки сыллаах айан буолуо диэн былааннаабыттара түөрт сыллаах айаҥҥа кубулуйбут. Бурдуктара бүтэн, хоргуйан, ыксаан кэлбиттэр. Ол оннугар киис тириитэ бөҕөнү аҕалан хааһынаҕа туттараллар. Хара саһылы, уу буобуратын эмиэ хомуйбуттар.

Туруханскайга кэлэннэр, ханна сылдьыбыттарын чып кистэлэҥҥэ туталлар. Ол эрээри ыраах үтүмэн элбэх киистээх, элэккэй дьонноох улуу өрүс баар үһү диэн сурах сири-буору аннынан тарҕанар. Пенданы кытта сылдьыбыт дьон, тоҕо эрэ сулууспаларыттан уурайан, саҥата суох дойдулаан хаалбыттар. Онон бэйэлэригэр балачча элбэх түүлээҕи иҥэриммит буолуохтаахтар диэн сэрэйэллэр.

* * *