– Эн олох уларыйбатаххын ээ.

Ити сүүрбэччэ сыл тухары кэнсиэрбэлэнэн сылдьыбыккын диирин быһыыта дуу? Кини курдук дьүһүн кубулуйа оонньооботоҕо, ким да кинини эллээн эрэйдэммэтэҕэ.

– Аанчык, эн миэхэ итэҕэйбэккин быһыылаах. Өйдүүгүн, эйигин хаһан да умнуом суоҕа диэбиппин?

Сүүрбэ сыл буола-буола санаан кэлэринэн өҥнөн эрдэҕэ. Итэҕэйиэн баҕарар да, кэһэйбитэ бэрт.

– Ол да буоллар, мин Болуодьаны наһаа үчүгэйдик саныыбын. Бириэмэ аастаҕын аайы, соччото суоҕа сотуллан иһэринэн маладьыас.

Иһэ-таһа такайыы Айыыда уонна, утуйа да сытан, учуутал Аида Николаевна атыннара биир-биир арыллан истэҕэ үһү. Уонна хайа сирэйинэн Маайканы «куруустуур»?

Сирдьит диэбиппит, киһибит остуоруйа сорҕото эбит дии. Туманы убата түһүөххэ дуу. Айыыдаҥ билигин да бэрт. Быһа мылталлан сүүрбэтин эрэ ааспыт кыыс оҕо дуу диэн киирэн биэриэххэ сөп. Көбүс-көнө, отой укааска курдук. Миралар, маайалар ыра сатаан эҥин-дьүһүн буолаллар, олохторун бүппэт муҥҥа-эрэйгэ кубулуталлар. Оттон ити Айыыда курдуктарга үчүгэйэ дьикти. Эҥин салоннары кэрийбэттэр, дьиктиттэн дьиктини, кэхтибэт кэрэни эрэннэрэр кириэмнэри хомуһан ороскуотурбаттар, сөҕөн, ордугу-хоһу аһаабыттара да иҥпэт. Таһаа диэтэххэ таһаа, быһыы диэтэххэ быһыы – барыта-бары сөрү-сөп. Майгыбыт да мааныта, санаабыт да сайаҕаһа. Таах да майгыта тимир-тамыр соҕус. Кырааската да суох кыраһыабай хараҕынан кытаанахтык көрөн кэбиһиэ да бүтүүкэтэ. Учуутал буо, учуутал, – Маайка утарыта. Ол да буоллар, син тапсаллар. Айыыдаҕа – ойоҕос дьүөгэ, дьүөгэтин атын дьүөгэлэрин соччо билэттээбэт. Ити Мираны, холобур, бүгүн саҥа көрдө.

– Мин эйигин хаһан да умнуом суоҕа диэбиттээҕэ… – Айыыда атын кэм иһиттэн тахсыан баҕарбат быһыылаах.

– Эйиэхэ эмиэ дуо?

Ити Мира алҕас ыһыгынна быһыылаах.

– ? – Айыыда хараҕа төгүрүйэн хаалла.

Хайдах?! Кини эмиэ?! Уонна дьүөгэлэнэн абыран. Хас сыл бииргэлэстилэр, ол тухары бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэн, кэпсэтэр тиэмэлэрэ да кэмчитийбит курдуга. Уруккута син мээнэ Мира, киһи киһитэ Мира, онтон дьиэ иһинээҕи Мира уонна Болуодьа. Эс, алҕас ини.

– Оттон… оннук буолан хаалбыта, – уонна дьүөгэтин сирэйин таба көрбөт үлүгэрэ.

– Ол да иһин… кини киһи хайаан уларыйыай…

Айыыда нэһиилэ туттунна быһыылаах. Учууталын туһунан бу да түгэҥҥэ умнубата тоҕо бэрдэй.

– Болуодьа дьыбаана буолбаккаҕын. Эрдээх ааттаах уонна. Киһи эрин иирдибитиҥ буоллаҕай, быраҕыллыбыты хомуйдаҕыҥ, – үрүт-үөһэ кут да кут.

– Эн хайдах буоллуҥ?

– Көссүүлэһэр дьыбааҥҥынан өҥнөөрү ыҥырбытыҥ дуо?

– Көссүүлэһээр?! – Мира дэлби барыахча.

– Уонна. Эриҥ киһи ахсааныгар да киирбэт буолла дуу? Эчикийэ Болуодьа баарын кэннэ…

– Мин? Болуодьалыын? Саҥам диэн саҥара олорор ээ.

– Быктаран баран мэлдьэһээри гынаҕын дуо?

– Уой, Айыыдаа, эн өйүҥ бааллыбыт быһыылаах. Өссө күнүүлүүр дуу, былыр үйэҕэ ааспыт дьыаланы баран.

– Хайдах?

– Сүүрбэ сыллааҕыны билигин кэлэн аахсаары гынаҕын дуо?

– Эн? Эмиэ?!

– Мин да киһи буоллаҕым, ол бэйэлээхтэн матыам дуо.

Дьэ, былдьаһыктаах Болуодьа эбит.

– Сылдьыбытыҥ диэн, бу тухары кистээбитиҥ баар ээ, кыһыыта.

Айыыда арыый да уоскуйда.

– Оттон… хайдах эрэ тылым тахсыбатаҕа.

Биирэ аҥаардастыы айманар, эргийэн кэлэ-кэлэ Болуодьа эрэ туһунан саҥарар. Биирэ, кыттыгастаах буолан, бэркэ сэргээн истэрэ буолуо. Эбэтэр дьүөгэтэ аһара рекламалаан, былдьаһыктаах Болуодьаны бэйэтинэн эккирэтиспитэ дуу? Ама да оччоттон-баччаҕа диэри эр киһи тиийбэт аатырбытын иһин, аһара дии. Туох бэйэлээх кыраһаапчыга ити кыргыттар ыккардыларыгар кыбыллан эрэйгэ тэппитэ буолла?.. Аараттан Маайка обургу бэйэтэ интэриэһиргээри гынна. Саҥа доҕордооҕун туһунан быктарбатаҕа да үчүгэй. Билигин дьахтар аны сонордьут буолан турар. Дьүөгэ эҥин аахсыллыбат. Киһим диэхтиир да, киниэнэ үһү дуо – кэм да уларсык. Биир дьахтары кытта олорор үһү. Ойоҕум буолбатах диэн андаҕайар да, туохтаах эрэ дьахтар буолан иҥнэн олордо ини. Онтон ороон таһаарар уустук соҕус буолуо. Ол дьахтартан тугунан ордон, туох бэйэлээҕинэн ымсыырдан киһитин ыбылы ылыай. Саатар, кимэ-туга биллибэт, киһитэ култуурамсыйан кини баарыгар атын дьахтар аатын да ааттаабат. Киһим диир даҕаны, саҥа билсэн эрэллэр. Үчүгэйэ дьикти, сонуҥҥа ини. Дьикти сиргэ саҕаламмыт сыһыан син сайдыах курдук. Дьахтар буолар диэн эрэй эбит. Туох да диэбит иһин эр киһиттэн тутулуктаах, эр киһинэн эрэ олоруохтаах. Төһө да үөхтэллэр, эр киһиттэн сылтаан айгыраабыт аатырдаллар, кинитэ суох олох диэн туох аанньа үһү. Үчүгэй эр киһини күүтэн үйэҕин моҥуохтааҕар, биири эмэни да сөрүү тардан, баҕаҥ хоту эллээбитинэн бараҕын буо.