– Иирбэтэх эрэ киһи. Иккиһин…
Ол эрэ мэһэйдиир. Саарбахтыыр санаа аалар да аалар, субу баар дьолу тула өттүттэн кэрбиир. Сүрэх сүгүннүө суоҕун өй араарыллыбакка, кини өссө да бу дойду бороҥ олоҕуттан тэйэ илик эбит. Эмиэ сыыһа туттан, түҥ-таҥ тыллаһан киһитин үргүтэн кэбиһиэ. Ол өттүгэр кинилэр иккиэн да уларыйбатахтар. Этиһэ түһэн баран эйэлэһэллэр, тэйсэн иһэн төннөллөр. Онон саатаан, сыһыан биир тэҥин саҥардаллар. Оннук түгэннэргэ Аанчык эмиэ уон сэттэлээх, киһитэ эмиэ уон тоҕустаах курдук сананан ылаллар. Ойоҕун кытары дьон тэҥинэн олорбуттар үһү ээ. Эриэ-дэхситик, эйэлээхтик. Киниэхэ тигистэ да уруккутугар төннүөх муҥа дуу? Эрэй эмиэ эргийиэ дуо? Аанчык киһитин билиҥҥи бэйэтин атыҥырыыр. Уруккута ордук күндү дии сыһыахча. Иннэ-кэннэ биллибэт, уларсык, быстах эрээри уон оччонон омуннаах таптал дуу, субу билиҥҥитэ дуу – ол туһунан санаабат буола сатыыр. Эдэр эрдэҕинээҕиҥ хайдаҕын да иһин күндү. Уонна оччолорго аан маҥнай таптаабыта. Ааспыт иһигэр оннун булбут сыһыан тиллэрэ хайдах эрэ. Син биир тэҥнии тутаҕын. Уруккуну, билиҥҥини. Киһитэ – барар-кэлэр сирэ суох буолан дуу, дьахтарын кыһытаары дуу – киниэхэ төннүбүтүн билиниэхчэ билиммэт. Кэм да бэйэтин албыннана сатыыр. Кэһэйбэтэххэ дылы. Сити баар – үчүгэйи үргүтээри гынна. Уруккуну умун, сарсыҥыны санаама. Дьол диэн субу баар, билигин эрэ. Куруук диэн кураанах, мэлдьи диэн мэнээк, үйэлээх диэн үһүйээн. Арай, ити киһитэ эдэригэр мэлдьи бииргэ буолуом диэн кыыс аайы андаҕайара. Онто ханна баарый? Эргиир диэн баара дуу – туох барыта эргийэ, төннө турар эбит.
Сып-сап, сыыһа-халты – бу дуо, ыралаан байбыт ырайа? Уһун тыыннаах, омуннаах уол сыта да суох. Пластилин дии-дии аһара эллээн, атынын кытары саба баттаан кэбиспиттэр быһыылаах. Оччолорго Аанчыкка айака курдуга. Уолугар эрэ бэрт буолаары куотуммат этэ. Сөп түбэһэ сатыыра. Алыс эрдэ сайдыбыты хаһан ситээри… Дьэ билигин этэ буо, хайа муҥун, кини да ыанньыйдаҕа, санаа хоту сайыннаҕа. Онно кэлэн, эр киһитэ мөлтөөн биэрдэҕэ. Кэм да барыта биирдэ кэлбэт. Үчүгэйэ үксээбит атын дьоҕура суйдаммыт, кыаҕа кыйдаммыт. Инньэ диэбэт быһыылаах, бэйэтин билинэрэ билигин да баар. Киһитин кириитикэлээн өлүө дуо, билигин аны атыннык сөп түбэһэр.
– Саҥа дьыл бу кэллэ.
Күлүккэ сытааччыбыт саҥалаах эбит дуу. Урут ньылыбыратан биир тыынынан кутан кэбиһэрэ. Истэн эрэ кэбиһиллэрэ, үксүн өйдөөбөтөр да. Кини эдэригэр былдьырытыҥы этэ. Эллииллэригэр, таарыйа, ол итэҕэһин кытары көннөрбүттэр быһыылаах.
– Уой, мин тугум да бэлэмэ суох. Һуу, хата, отут биирискэ дьуһуурустубам буолбатах, – Анна Афанасьевна аралдьыйарыгар тиийэр.
– Оттон бастакыга? Үлэҥ күнэ дии.
– Үргүлдьү сылдьыллыа буо.
– Эн бөх… ээ, сах, милииссийэ буолбутуҥ өйбөр баппат.
– Милииссийэ да киһи.
– Наһаа үчүгэй киһи.
Урут имэҥнээх бэйэтэ аны имэрийэр эрэ. Ол да туох куһаҕаннаах үһү. Ити хайдахтаах дьахтар түбэһэн, бу оройунан көрбүт уолу олох чычаас, иитийэх оҥорбута буолуой? Анна Афанасьевна ыххайыа дуо, кэмэ кэллэҕинэ бэйэтэ быктарар ини. Ойоҕун туһунан санаата да хайдах эрэ буолар.
– Оҕом эрэйдээх. Наһаа да аҕынным.
Сити баар, санаатынан собуоттаата быһыылаах.
– Киһи, дьиҥэр, оҕо туһугар олорор.
Ити дьахтарга ыарыылаахтык иһиллиэ диэн өйдүүр аат суох. Анна Афанасьевна да оҕолонуон баҕарбатах үһү дуо. Өскө өйө бааллыбатаҕа буоллар, кини инньэ сүүрбэччэлээх кыыстаах дуу, уоллаах дуу буолуо этэ. Сүүрбэччэлээх… Төлкөлөөх саас кэннинээҕи саас. Үөмэн кэлбит үчүгэйи үргүттэҕэ ити. Дьахтар иһигэр эмиэ туох эрэ иитиллэн барда.
Баҕар, бу албын буолаарай? Хайдахтаах да бэйэлээх хатыламмат, хаһан эрэ буолбут хат эргийбэт. Ол да иһин өйүн сынньан тахсар. Урукку Аанчык болтойдо да бүтүүкэтэ. Уол иннин син ылан тэйэрэ. Төһө да сонумсаҕын иһин, иҥнэн сылдьымалаабыта. Кыыс быһа хантаарыҥнаан, улахан саҕа буолбута буолан уолун оонньоторо, онтунан бэйэтигэр тардара. Ылларбытын эрдэ биллэрбэтэҕэ буоллар, баҕар, син туох эмэ тахсыа эбитэ буолуо. Эр киһиэхэ сонор наада. Бэйэтэ эрэйинэн бултаан булбутун, сэриилээн бас билбитин ордорорун оҕото сыттаҕа. Аара сытары хомуйбутун ахсааҥҥа да ылбат ини.