– Чэ кэпсээ, – бэрэссэдээтэллээччи көхсүнэн олорон соруйда.

Ити саҥаттан Кыыча хайдах эрэ соһуйан “дьик” гынна. Туох үлүгэр тоҥуй, дьэбир саҥаный? Тыбыс-тымныынан саба биэрэн. Ахсынньы аам-даамыгар балаҕан халҕанын аппатан ылбыкка дылы. Ити Сэмэнчик саҥата ээ. Сэмэнчик Долгунуоп. Кини Кыычалыын биир курска үөрэнэр. Былырыын үөрэҕэр үгүстүк көмөлөһүннэрбитэ. Нуучча тылыгар ордук мөлтөх этэ. Дьиибэрдэҕинэ “Кыычарыыс” диэн ааттыыр идэлээх. Ол бэйэтэ ити…

Кыыча өйүгэр өһүргэнэр санаа кылам гынан иһэн умулунна. “Кыычарыыс”… Ол эйэргэһии, дьээбэргэһии барыта кылааска, үөрэх кэмигэр этэ. Онно студеннар эрэ этилэр. Манна – атын. Манна – ячейка. Манна кини бииргэ үөрэнэр студент эрэ буолбатах. Манна кини туох-ханнык иннинэ комсомолец. Ячейка үөрэнэр кылаас буолбатах, охсуһууга, кыргыһыыга биир санаалаахтар, биир идеялаахтар түмсүбүт сирдэрэ. Манна Сэмэнчик ол-бу быстах санаанан, билсиинэн буолбакка, идеянан, суос-соҕотох үрдүк идеянан эрэ салайтарыахтаах. Инньэ дии санаат, Кыыча бу түгэҥҥэ инники олоҕо, дьылҕата быһаарыллан эрэрин дьэҥкэтик өйдөөн кэллэ. Ол өйдөөбүтүттэн эбии долгуйан, туттардыын, тыллыын-өстүүн бохсуллубут курдук буолла.

– Сааһым уон аҕыһым… 1904 сыллаахха төрөөбүтүм… – кыыс бэйэтин уларыйбыт, кэһиэҕирбит куолаһын, атын киһи саҥатын истэрдии, дьиктиргии иһиттэ. Күөмэйэ бүтэйэ оһон хаалбыкка, онон дорҕоон түөһүттэн нэһиилэ кыбыллан тахсарга дылы. – Тыа оскуолатын бүтэрбитим… дойдубар. Уонна техникумҥа киирбитим… Билигин бу үөрэнэ сылдьабын… Иккис курска…

Уонна, тугу эбии этиэҕин булбакка, хоҥкуйан турда.

– Бүттүҥ дуо? – бэрэссэдээтэл ыйытта.

– Бүтэн…

– Төрдүгүн кэпсээ. Аҕаҥ кимий? Ийэҥ кимий? – ячейка сэкэрэтээрэ Арбаҕааһап, быһыта баттаталаан эрэрдии, саҥарда. – Ханна баалларый? Тугу гыналлар?

– Аҕам, ийэм дойдуларыгар олороллор…

– Баайдар дуо? – ким эрэ быһа түһэн ыйытта.

– Баайдар…

Ити тыл толору уулаах хоруу буомун эмискэ төлө баттаабыт кэриэтэ буолла. Тоҥуйдук ньимийэн олорбут кылаас ол-бу өттүттэн харса-хабыра суох ыйытыылар кутуллан бардылар:

– Хамначчыттаахтар дуо?

– Хамначчыттаахтар этэ…

– Аҕаҥ кинээстээбитэ дуо?

– Кинээстээбит үһү…

– Убайыҥ ханнаный?

– Быһаас Артемьевка холбоспут үһү…

– Үрүҥ бандьыыкка дуо?

– Бандьыыкка…

– Ону тоҕо кистиигиний?

– Кистээбэппин…

– Ыйыттахха нэһиилэ этэр уонна “кистээбэт” үһү!

– Хомсомуолга албыннаан киирээри гынаҕын дуо?

– Табаарыстар, – диэбитинэн Чыычаахап, бэрэссэдээтэл тыл биэрэрин тулуйан кэтэспэккэ, ойон турда. – Аргыылаба төрдүн кистээн эрэр дуо? Кистээбэт. Кини ким-туох аҕалааҕын-ийэлээҕин биһиги бары билэбит эбээт. Дьэ уонна хайдах кистиэҕэй?

– Билбэппит буоллар, кистиэ этэ дуу?

– Кистиир кыаҕа суоҕуттан этэр дуо?

– Кыһалҕаттан дуо?

– Ол син биир кистээбит тэҥэ!

– Эһиги миигин сыыһа өйдүүгүт. Аргыылаба төрдүн кистиир санаата суох диэн этэбин мин, – Томмот быһаара сатаата. – Онон кинини хомсомуолга албыннаан киирэ сатыыр диэн этэр сыыһа.

– Албакаат көһүннэ дии! – эҕэлээх куолас тыл кыбытта.

– Мин “албакаат” буолбатахпын. Мэктиэлээччи киһибин. Мин санаабар…

– Эн, онон-манан тумуннарбакка, быһаччы эт, – кылаас ортотуттан хара бараан модороон сирэйдээх уол паартатын лаҥкынаппытынан сулбу ыстанан турда. – Аргыылаба аҕата баай, тойон дуу, суох дуу? Сэбиэскэй былаас хаан өстөөҕө дуу, суох дуу?

– Аргыылап – баай, тойон, кинээс. Сэбиэскэй былаас өстөөҕө. Мин ону мөккүһэн эрэбин дуо?..

– Барахсан хата ону мэлдьэспэт эбит дии! – били эҕэлээх куолас эмиэ быһа түстэ.

– Эн миигин “барахсаннаама!” Миигинэн тииһиҥ кирин ыраастаныма! – Чыычаахап кыыһыран иһэн туттунна, тохтоон кылаас иһин эргиччи көрөн кэбистэ. – Табаарыстар, тоҕо биһиги наар Аргыылап туһунан айдаарабыт? Биһиги бүгүн комсомолга Аргыылап баайы ылар буолбатахпыт эбээт.