Таатта – кыра үрэх,
Тардыыта да кыараҕас,
Түргэн сүүрүгэ аҕыйах,
Өлгөм – чүөмпэтин уута.
Элбэх араас санаа
Чуумпуга хонор сирэ,
Онно сөҥөр ыанньыйан,
Сүөгэйэ, сүмэтэ – барыта.
Улуу үрэҕэр ханыылаан,
Таатта сирэ иитэр
Саха аныгы саарыннарын
Чулуу бастыҥ дьонун.
Алаас, хочо аайытын
Бааллар бэлиэ дьоннор,
Онтон норуот талбыта
Убайбытын Мандар Ууһу.
Олоҕун барытын анаата
Омугун эстэртэн быыһыырга,
Сырдык суолга тахсарга,
Саҥа тыыны угарга.
Сырдык диэки барарга
Салайда, сэниэ киллэрдэ,
Саха аймаҕы уһугуннаран
Убайбыт Мандар Уус бэйэтэ.
Төрүүллэр үйэҕэ биирдэ
Маннык Сүдү дьоннор.
Норуот суолун ыйар
Эркээйи охсор сирдьиттэр.
Улахан эдьиийбитигэр 80 сааһыгар
А. И. Васильеваҕа ананар
Орто дойдуга устар
Олох оҥочотугар олорсон
Элбэх эргиирдээх моһолу
Эдьиийбит барахсан аастаҕыҥ.
Сылайан, саппаҕыран
Сылаас сиргэ наадыйан
Элбэх быраат, балыс
Эн ааҥҥын астаҕа
Үүттээх итии чэйиҥ
Сымнаҕас, сылаас оронуҥ
Эдьиийдии эйэҕэс сыһыаныҥ
Элбэхтик да үөрдэрэ.
Үөрүү, дьол аргыстаах
Биһигинниин сылдьаргар,
Кырдьары ыраах кыйдаан
Эдьиийбит үйэҥ уһаатын.
Эргийэн кэллэ күммүт,
Эргийэн кэллэ сааспыт,
Эргийэн кэллэ түбүкпүт,
Эргийэр тохтообокко олохпут.
Эргиир олох тохтооботун,
Эргиир аҕала турдун
Эргиччи эйэни, дьолу.
Күөрэгэйбит ыллаата,
Күөнэхпит көптө,
Кулунчукпут кистээтэ,
Күөхпүт былааһа кэллэ!
Тулалыыр айылҕа
Тохтообокко торолуйар,
Тоҕо бэрдэй, үөрүүтэй,
Тохтообокко олох оргуйар!
Олохтон үөрүөххэ,
Олоххо махтаныахха,
Олохтон үөрэниэххэ,
Олоххо уһуннук олоруохха!
Халлааҥҥа тохтообокко
Былыттар усталлар,
Хайдах оҕо сылдьаммыт
Билбэтэхпитий олох түргэнин?
Харбыалаһан аастылар
Биһиги эдэр күннэрбит,
Хойутаан анааран,
Барбыты туппаккын.
Хаалбыт саҥа күннэри
Бүөбэйдээн туһаныах,
Халтай мээнэ ыыппакка,
Баары толору олоруох!
Хойдубут өйбүтүн
Билиибит хасааһын
Харыстаабакка түҥэтиэх,
Барҕарыыны баҕарыах!
Хаалар ыччат дьоммут,
Биһигинэн киэн тутта
Хаамсалларын туһугар
Быстыбакка айыах-тутуох!
Саҥа күнүнэн!
Саҥа саҕахтарынан!
Санааҕыт кэллин!
Сүргэҕит көтөҕүлүннүн!
Санаа баар сүдү күүс!
Санаа ханна тиийбэтэҕэй?
Санааҕытын салайыҥ,
Сааһылаан, ыраах ыраҕа,
Ситиһиэххит оччоҕо
Салгыҥҥа ыйаммыт ыраны.
Саҕахтан тахсар күн
Саҥа санааны уматта.
Салгыы олох олорор,
Саҥаны айар-тутар
Санаа ситимин сахта.
Санааҕытын түһэримэҥ,
Санааҕытын көтүтүҥ үрдүккэ.
Санааҕытыттан тутуһуҥ,
Суолгутун онтон ыйдарыҥ!
Оҕо саас барахсан,
Окко түспүт таммахтыы,
Олус кылгас кэмҥэ
Оһон-сүтэн хаалбыт.
Эдэр саас эрчимэ
Элэҥнэтэн түргэнэ
Эрдэлээбит таас үрэх
Эстэрин кэриэтэ.
Орто саас холкутуйан,
Оннун-сүнньүн булунан,
Оҕо-уруу төрөтөн
Улахан өрүс кэриэтэ.
Кырдьаҕас саас чуумпуран
Тыа иһигэр саспыт
Тыымпы көлүйэлии
Иһийэн, кэтэһэн сытар.
Олох ууттан турар,
Олох уу курдук устар,
Олох куруук баар,
Олох эргийэ турар.
Киэһээҥҥи нууралга
Килэйдэ Аммам ньуура,
Балык оонньуур талаана
Эрилийдэ онно-манна.
Маннык үтүө киэһэҕэ
Эбэм биэрэгэр олорон
Ааспыты, кэлэри санаан
Аттарар кэрэтиэн.
Олоруохха уһуннук,
Үлэлиэххэ элбэхтик,
Дьолу түстүөххэ,
Үөрүүнү үксэтиэххэ.
Сарсын тахсыа саҥа күн
Сарсыарда илиҥҥи саҕаҕы уматан,
Саха дьоно туруо уһуктан
Сөрүүн салгыны ыймахтаан.
Куйаас да буоллар кэрэ
Күөх өҥү ылбыт айылҕа,
Күүс киириэ барыбытыгар
Күрүлгэн олоххо устарга.
Өйбүтүн сытыылаан, дьэҥкэрдэн,
Өрүүтүн үчүгэйгэ талаһан,
Өбүгэ оҥорбут үтүөтүн
Өрө тутуохпут куруутун.
Доҕоттоор, сыалбыт биир:
Дьолу эрэ түстүүбүт,
Дьоҥҥо дьолу баҕарабыт,
Дьолтон олус үөрэбит.
Дойдум хатыҥ чараҥар
Дьэдьэн сыта дыргыйда,
Ол дьикти сыты батан
Оҕо, дьахтар сүрдэннэ.
Араас иһит барыта
Ас көрдөөн эйэҥэлээтэ,
Арыт олох да иччитэх
Алаһа дьиэтигэр төнүннэ.
Доҕоттоор, тахсыҥ тыаҕа,
Дойдуҥ биэрэр быйаҥа
Олох үөскүүр, үүнэр,
Өлбөт мэҥэ сүмэһинэ.
Түннүккэ олорон көрөбүн
Халлаантан таммах түһэрин,
Элбэх да таммах баарын
Олус сөҕө саныыбын.
Ааста эбээт былыт,
Этиҥ этэн, чаҕылҕан дапсыйан,
Кини түһэрбит ардаҕа
Сүүнэ күөл буоллаҕа.
Ааһа турда былыт
Сүтэн оһон хаалбакка
Ол аата таммаҕа
Түспэтэх буоллаҕа барыта.
Орто дойду киэҥ киэлитэ
Киэптэннэ кэпсээн бөҕөнөн,
Икки Улуу дойду арҕаһар
Араас элбэх албаска уйдаран,
Улуутуйан олорор
Аҕа баһылыктар
Көрсөр буолтар күөнтэһэн.
Орто дойду оҕо омуктара
Оҥой-соҥой көрдүлэр кэтэһэн,
Оттон арыый орто баайыылар
Олоп-чолоп тыллаах буоллулар,
Олус халыҥ уруу-аймах
Оччо-бачча уолуйбата бадахтаах.
Күүскэ күүркэтэр күөх дьааһык,
Сылайбакка сааҕыныыр муос холбука,
Сурдурҕаччы суруйар солун хаһыат,
Сүрдүүр-кэптиир суотабай сибээс,
Ханна баран саһабыт,
Тугу истэн уоскуйабыт?!
Айылҕам сылайда сылаастан,
Былыт таҕыста арҕааттан,
Аммам уута тымныйда,
Булуус уута баһыйда.
Аргыый сэрэнэн таммах
Түстэ сиппит сэбирдэххэ,
Арыт күүһүрэн тирилээн
Тохтообот ыанньыйбыт халлаан.
Алааска ынах ыллыгар
Баһылынна ыраас чалбах,
Айан аартык суолугар
Батыллар бадараан таҕыста.
Көтөр күргүөм саҥата
Быһа биэрбиттии мэлийдэ,
Арай көҕөччөр атыыр
Үөрүн сүтүктээн кистиирэ.
Ыарахан хараҥа былыт
Бүрүйдэ күөх халлааны,
Ыксаабыт отчут барахсан
Бүтэһик мөхсүүтэ дьэ буолла.
Кэлбит уһун ардахха
Буорайыа буоллаҕа хаһааспыт,
Биир күн сыысхала
Охсуулаах да эбит отчукка.
Үүнүүлээх оппут сыттаҕа,
Охсубут сирбит сытыйдаҕа,
Бугул түгэҕэ хараардаҕа,
Барыта наар аанньа буоллаҕа.
Сынньанар, сөтүөлүүр дьоннорбут
Састылар кураанах дьиэлэргэ.
Ардах түһэрэ кинилэргэ
Кэрэ көстүү, романтика.
Ардах да араастаах.
Сааһын түһэр таммах
Сүргэни көтөҕөр аналлаах,
Сайын түһэр самыыр
Сир быйаҥын түстүүр,
Күһүн түһэр өксөөн
Кэлэр сылы кэскиллиир.
Оттон олорор киһиэхэ
Араас санааны саҕар.
Арыт ыраастыыр, суурайар,
Арыт үөрдэр, көтүтэр,
Арыт курус санааҕа салайар