Алгыс
Ахтабын эйигин, доҕоруом,
Ханна да, хаһан да буолларбын.
Эрэллээх доҕорбор, эйиэхэ,
Истиэнэ кэриэтэ эрэниэм.
Орто дойдубут олоҕор
Олоруох биһиги дьоллоохтук.
Ытаһан-соҥоһон бүтүөхпүт,
Ырыалаах-тойуктаах сылдьыахпыт.
Доҕорбор, эйиэхэ, аныыбын
Алгыһым ананар тылларын,
Кымыстаах чороону көтөҕүөм
Кыынньаахтыыр дьолбут туһугар.
Барҕа махтал буолуохтун
Эйиэхэҕэ, доҕорбор, эрэллээх киһибэр,
Элбэх махтал тылларын
Этиэм эйиэхэ, доҕорбор.
Ыам ыйын 5 күнэ. Дьокуускай к.
Дмитрийиҥ.
* * *

Күндү, таптыыр кэргэним Инна, привет!

Олох суохтаан иэдэйдибит, ордук кыргыттар уонна мин. Уол соччо кыһаммат. Аны хаһан да ыраах ыытыа суохпут, ахтарбыт бэрт, куруук саныы сылдьабын: ии, оҕом барахсан хайдах айаннаан иһэрэ буолла диэн. Ама тиийэ илик буолуоҥ дуо? 2 суукка 3 чаас ааста барбытыҥ, олох быданнаабыт курдук. Биһигини ахтарыҥ дуу, суоҕа дуу? Ээр-сэмээр телефон кэтэһэбит, мэлигир.

Бүгүн олунньу 7 күнэ. 23 ч. 20 мүнүүтэ. Ууруубун… Димаҥ. Наһаа күүскэ таптыыбын.

* * *

Күндү кэргэним, Иннам, привет!

Сурук суруйдахпына, хайдах эрэ эйигин кытта кэпсэппит курдук буолабын, олус чэпчиибин. Оҕом сыыһа, наһаа да ахтабын, кэлэр күҥҥүн эрэ кэтэһэбин. Чэ, бары үчүгэйи кытта Димаҥ.

Олунньу 10 күнэ. 18 ч. 50 мүн.

Улахан тапталы умнумуох
Атын дьоҥҥо аралдьыйан
Улахан тапталы умнума, доҕоччуок.
Мин курдук таптыыр киһини
Бу сиргэ буларыҥ саарбах.
Быстах санаа ухханыгар
Былдьатыма тапталбытын,
Араас эр бэртэрэ
Көрсүөхтэрэ өрүүтүн.
Улахан тапталы умнумуох,
Умайар сулуһуҥ мин буолуом,
Таптыыбын эйигин, сэгэриэм,
Үйэлэр тухары таптыаҕым.
Дмитрийиҥ.
* * *

Тапталинам, привет!

Дууһам олох уоскуйбат, санаам барыта эйиэхэ. Оҕом сыыһа, төһө эрэ ахта сылдьаҕын. Олох умнан кэбистиҥ дуу? Хайдах эрэ күнүүлүөх санаам кэлэр, автобуска таах сибиэ бэйэм атаарбаккабын диэн кэмсинэбин.

Доҕорбор
Доҕорбор эйиэхэ анааммын
Ыллыахпын-туойуохпун баҕардым.
Олус диэн ахтыбыт омуммар
Айманар сүрэҕим дьиктитик.
Тапталга бигэнэн мин эмиэ
Уһуннук, дьоллоохтук олоруом.
Эйиэхэ анаабыт сүрэхпин
Чиэстээхтик, ыраастык толоруом.
Ахтар муҥун билэммин
Айманабын, доҕоччугуом.
Кэлиий миэхэ түргэнник,
Кууһуом, сыллыам барахсаммын.
Олунньу 10 күнэ. Киэһэ 22 ч. 06 мүн.
Димаҥ.
* * *

Инночкам, дорообо!

Киэһэ 10 ч. 55 мүн. Бүгүн үлэбиттэн кэлбитим, Вера «маама звони гынна» диэн үөртэ. Наһаа үөрдүбүт. Жаркой буһардым. Онтон бэйэҥ звоннаабыккар куоласкын истэн, бирээмэ көтүөхпүн кынатым эрэ суох. Мин кэргэним түүн кэлэр диэн үлэбэр күн аҥаара барбатым. Бүгүн бары да настырыанньа бөҕөбүт. Чэ күүтэн-күүтэн, ахтан-ахтан көрсүһэрбит аҕыйах чаас хаалла.

Күүскэ да күүскэ ууруубун-сыллыыбын.

Димаҥ. Олунньу 11 күнэ. 11 чаас 06 мүн.

* * *

Дорообо, күндүттэн күндүбүт, маамабыт Инна!

Сурук суруйан ахтылҕаммын таһаарабын, хайдах эрэ кэпсэтэ олорор курдукпун. Киэһэ аайы ночной ырбаахыгын сыллаан баран утуйабын, сытыҥ хаалан хаалбыт.

Чэ, бары үчүгэйи, дьолу-соргуну кытта Димаҥ.

Ууруубун-сыллыыбын, наһаа күүскэ таптыыбын. Олунньу 27 күнэ. Киэһэ 6 ч. 45 мүн.

* * *

Инночкам, привет!

Үтүө күн үүммүтүнэн, олунньу ый бүтэһик күнүнэн уруйдуубун-айхаллыыбын. Сааскы ылааҥы күннэр саҕаланаллара бу кэллэ, арай мин оҕом кэлиэн баҕарбат. Хаайтаран сытар сураххытын телефонунан истэбин. Наһаа да аҕынным, доҕоччуок, санаам барыта эйиэхэ. Олус да долгуйан барыах курдукпун. Эмискэ баҕайы хараастан ылабын, халлааным хараҥарар. Оҕолорум үөрэнэ бардылар, сарсыарда туран глазунья буһаран биэрдим.

Соҕотох хаалар наһаа куһаҕан эбит. Билиэппит умайарыгар тиийдэ, эн суоххун. Эйигинэ суох концерт соччото суох буолуо дии.

Чэ, көрсүөххэ диэри, ахтабын, таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.

Димаҥ. Олунньу 28 күнэ. Сарсыарда 8 ч. 25 мүн.

* * *