– Өйдөөх киһи уоттаах чоҕу атын дьон илиитинэн тарыйтарар баҕайыта.

– Түмүк күн тиийэн кэллэҕинэ оннук “өйдөөхтөр” абыраныахтарын билбэтим.

– Саарбаҕалаама: өлүүлэриттэн матыахтара суоҕа. Өссө атын киһи өлүүтүн кытта куду харбыыллар ини.

– Көрүллүө.

Мөккүһэн да уолун иннин ылыа суоҕун билэн, оҕонньор тохтоото. Кини төһө да эппитин иһин, уола барар хаанын ылыммыт быһыылаах.

Валерий остуолтан туруоҕун саныы-саныы, аҕата хамнаабакка олороруттан турбата. “Быһааскы кэннэ оҕонньор биллэ хоттороохтообут. Төрүт да намыһах, хатыҥыр бэйэтэ өссө ордук намтаабыкка, синньээбиккэ дылы буолбут. Урут даҕаны көтөх сирэйэ өссө суптуйбут. Омурда харбыйбыта улааппыт. Арай хараҕа уруккутунан. Өссө ордук уоттаммыкка айылаах. Итии уотунан буолбатах, тымныы уотунан. Ол оннугар хата Суонда эбии соноон көскөйбүт. Били хомсомуоллар “күөх истээх баай” диэн ыллыылларын курдук. Омос көрбүт киһи Суонданы тойон, аҕабын хамначчыт дииһик”. Ити санаатыттан сонньуйуох курдук буолан иһэн, Валерий аҕата бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии ботугуруурун иһиттэ.

– Ыттар… Бэйэлэрэ барбаттар, кинини ыыталлар… Дьиккэрдэр…

Ааныс сүөгэйдээх бүлүүһэни тутан иһэн тохтуу түстэ:

– Ол ким?.. Бэлиэрий, ханна бараҕыный?..

– Дьокуускайга, – уол баҕарбатар да хардарда.

– Ханна да бардын, эйиэхэ наадата суох, – оҕонньор сүөгэйдээх бүлүүһэни кэргэнин илиититтэн сулбу тардан ылан, дьалкылдьыппытынан остуолга бырахта. – Эр киһи ханна барара-кэлэрэ дьахтар дьыалата буолбатах.

Эрин тылыгар кыһаллыбакка, Ааныс уолун аттыгар кэллэ.

– Тоойуом, хаһан бараҕыный?

– Билигин.

– Тыый! Түүннэри дуо? Бачча тымныыга… Кытаатан сэрэнэн сылдьыый. Тымныйаарыгын. Ити бэйэҥ саһыл саҕынньаххын кэтиминэҕин туох абааһы баҕайытын кэттиҥ? Сонуҥ эмиэ бөрүкүтэ суох.

– Бассабыыктар саһыл сонноох дьону сөбүлүүллэр үһү дуо, дьахтаар?! – Аргыылап оҕонньор сөҥүдүйдэ. – Саҥам диэн саҥарар ээ…

– Дьокуускайга?.. Онно… – Ааныс тугу эрэ өйдүү сатыырдыы оҕонньордоох уолун сирэйдэрин олбу-солбу көрүтэлээтэ итиэннэ, чугаһаан, уолун саннын имэрийдэ. – Онно… тукаам, балтыгын Кыычаны булан көр-иһит эрэ. Суруга кэлбэтэҕэ ыраатта. Хайдах сылдьаахтыыра буолла.

– Бу акаарыны, уолуҥ онно уруу-хаан көрсө баран иһэр үһү дуо? – оҕонньор эбии кыбдьырынна.

– Ээх-ээх… – Валерий ийэтиттэн арахса охсоору эрэ сөбүлэммитэ буолла. – Чэ мин бардым. Түүн ыраатта. Хараҥаҕа кыһыллары ааһа түстэрбин сөп этэ.

– Кыһыллар манабыллара айан суолун устун баар буолуохтаах. Эн бэтэрээ туора суолунан бардаххына сатанар. Бэйи, Суонда эйигин буом сирдэри ааһыаххар диэри тиэрдэн биэриэ. Суонда, тахсан мин аппын Бэлиэрийгэ көлүйэн биэр. Арыый сэниэлээх буолуо. Кини атынан бэйэҥ айаннаа.

Суонда Ааныс уолугар бэлэмнээбит мөһөөччүктээх аһын туппутунан саҥата суох таҥнан таҕыста.

Валерийдаах оҕонньор туран эмиэ таҥнан бардылар.

– Үчүгэй сэптээх инигин? Суолга араас буолуон сөп, – Аргыылап сибигинэйэн ыйытта.

– Баар… Эн Суондаҕын наһаа хоойгор киллэрээйэҕин. Итинниктэри дьарыйа соҕус тутар ордук буолуо этэ.

– Куттаныма. Суонда – эрэл киһи. Аҥаардас дьарыйарынан ыраатыаҥ суоҕа. Аара ханна-ханна тохтуургун өйдөөн иһэр инигин?

Уол кэҕис гынна.

Тахсаары турдахтарына Ааныс хаҥастан ыаҕайа тутуурдаах кэллэ.

– Тукаам, бу дьэдьэннээх сүөгэйи оҕобор Кыычаҕа биэрээр эрэ. Дьэдьэни таптаахтыыр этэ.

– Бу дьахтары!.. – оҕонньор үөхсэн ботугураата.

– Чэ аҕал-аҕал!

– Тукаам, бука диэн сэрэнэн сылдьаарыый… Ыарыйдах…

Уол, ийэтин ситэри истибэккэ, халҕаны аста. Аҕата кини кэнниттэн таҕыста. Ааныс тымныы туманын ортотугар илиитэ даллайбытынан туран хаалла.

Суонда, дьиэлээх аты көлүйэн, уол таһаҕаһын көһөрдө.

Оҕонньор, алҕаан дуу, бырастыылаһан дуу, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, атын тула хаама сылдьан имэрийдэ.