Ити кэмҥэ мин саҥа дьиэбэр көһөн олорор этим. Биир сарсыарда эрдэ баҕайы тастан кэлэн балкоммун оҥорон тиҥийэн-таҥыйан барбыттарыттан уһуктан кэллим. Балкоммуттан сахалыы саҥа иһиллэр, туттуу-хаптыы, тыас-уус бөҕө. Салгыы төрдүс этээскэ тахсыбыттарын көрбүтүм уонна Александров «балконнары оҥорууга саха уолаттара ылсан сылдьаллар» диэбитин өйдөөн кэлбитим. Тутууга үлэ итинник үллэһиллэр эбитин урут хантан билиэмий?
Мин итини тоҕо кэпсиибиний? Ханнык баҕарар суруналыыс түбэһэ түһэн суруйбут, көрдөрбүт дьоруойдардаах. Ханнык эрэ тэрилтэ кыһалҕаларын сырдаппыт, ис иһигэр киирэн кинилэр үлэлэрин ымпыгын-чымпыгын да үөрэппитэ элбэх буолар.
Мин итини «Кэпсиэ» кэнниттэн дьоруойум олоҕо саҥа таһымҥа тахсыбытын иһин суруйабын. Арай Уйбаан: «Мин олоҕум, дьиҥэ, олус ураты ээ. Толору кэпсиир, суруйар буоллар, элбэх ыччакка үөрэх да буолуо этэ. Оҕо сылдьан үчүгэй үөрэнээччи буолбатах этим. Атаҕа суох аҕабар көмөлөһөн тыа киһитин хара үлэтигэр күүскэ эриллэн улааппытым. Ол кэммин ат сүүрдээччи оҕо буола сылдьыбытым сүрдээҕин киэргэппитэ. Саха атыгар тапталбын хайдах этиэхпин, кэпсиэхпин билбэппин. Саҥа киһи-хара буолан иһэммин, биир түгэнтэн тэһииркээн дьэллик баран бырадьаагалыы да сылдьыбытым. Тоҕо эрэ култуурунай-сырдатар училищеҕа киирэн, кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Арыгыны да амсайбытым. Онтон сылгыга өр умсугуйан үлэлээбитим. «Элгээйи» сопхуос ыһыллан, үллэстии буолбутугар санаам түспүтэ аҕай. Онтон хас да буолан күүспүтүн түмэн, коммерция суолунан дөбөҥнүк барбыт, Москваҕа кытта маҕаһыыннана сылдьыбыт кэмнээх этибит. Массыына сүүрдэн аҕалыынан эмиэ дьарыктана сылдьыбытым. Ол тухары барыта мүччүргэннээх сырыы, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, диэх курдук. Кэнники бу куоракка кэлиэхпиттэн мас тутуунан дьарыктанан бардым, санаам наһаа сытар үлэтэ буолан, дьоллоох курдук сананабын… Эн итини кэпсээтэхпинэ суруйуоҥ суоҕа дуо?» – диэн олох миэхэ эриллэн хаалла.
– Айыкка! Бэйэм да санааларбын, иэйиилэрбин тиһэр солом суох. Ол эн хаста милииссийэҕэ түбэспиккин суруйарбар кинилэр погоннарыттан саҕалаан хаайыы иһэ хайдах буоларыгар тиийэ билиэхтээхпин. Оччоҕо эрэ итэҕэтиилээх айымньы тахсар. Үлэтэ бэрт дии!
– Оттон мин барытын кэпсиэм ээ…
– Ээ, оттон ону бэйэҥ суруйдаххына хайдаҕый?
Киһиэхэ «кыра да наада» диэн этии дириҥ ис хоһоонноох. Ардыгар биир этиинэн өй-санаа уган биэрии, киһи бэйэтигэр эрэлин уһугуннарыы олох саҥа долгуна түллэн сайдарыгар олугу уурар. Сотору буолбатаҕа, Уйбаан Александров «Дьолгун туораттан көрдөөмө» диэн сэһэн дуу, арамаан дуу саҕаланыытын суруйбут тэтэрээтин туппутунан миэхэ кэлбитэ. Хайдах да кылгас кэпсээн буолбатах, 50-с сыллардаахха төрөөн, саҥа үйэҕэ үктэнэригэр олох бары кэрдиистэрин ааспыт саха эр киһитин олоҕо түөрэ ойууланыахтаах улахан жанрга ылсыы киэбэ бэлиэтэммит этэ. Биллэн турар, грамматикатыгар да, тылы туттууга да улахан эрэдээксийэни эрэйэр үлэ этэ эрээри, кэпсээн ис хоһооно уонна санааны этэр истиилэ кэрэхсэбиллээхтэринэн, киһини умсугутар айымньы тахсыах кэриҥнээҕэ.
– Бу эн илиигинэн суруйбуккун ким эрэдээксийэлээн ньаҕайдыы олоруой. Суруйуом диэн санааҕын уурбут буоллаххына, компьютерга бэчээттииргэ үөрэннэххинэ табыллар… – диэбитим.
Суруйааччым олох сотору ноутбук кыбынан кэллэ, хайыы-үйэҕэ бэчээттииргэ үөрэммит. Ол ноутбугун үрдүгэр айымньы хас да баһын эрэдээксийэлээн биэрдим. «Мантым кинигэ буолан тахсыан баҕарабын. Өссө мас тутуу туһунан эмиэ кинигэ бэлэмниэхпин баҕарабын…» «Сурунаалларга илдьэн көрдөрүөххүн, баҕар, бэчээттиэхтэрэ», – диибин. Салгыы дьоруойум бэйэтэ суолун солонон, хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйалары уонна айымньытыттан эмиэ бэчээттэтэн барда. Айымньыта бастаан тахсарыгар мин киирии тыл суруйбутум.